Алтынньы 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 302-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 303-c күнэ). Сыл бүтүө 63 күн баар.

Бэлиэ күннэр

уларыт
  • Аан дойдуга Ойуулук күнэ (ааҥл. International Animation Day). 1892 сыллаахха Парижка бастакы хамсыыр ойуулары көрдөрбүттэр.
  • Греция  Греция — Оха күнэ. 1940 сыллаахха фашистыы Италия ультиматумугар Греция "суох" («'Οχι») диэн хоруйдаабыта уонна бас бэриммэтин биллэрбитэ.
  • Индонезия  Индонезия — Ыччат андаҕарын күнэ (индон. Hari Sumpah Pemuda). 1928 сыллаахха Индонезия ыччатын иккис сийиэһигэр бу күн үс сүрүн этиилээх андаҕар этиллибит: "Индонезияны эрэ дойдубут быһыытынан билинэбит, Индонезия омуга буолабыт, Индонезия тылын өйүүбүт". Бу кэнниттэн малаай тылын Индонезияҕа туттуллар түөлбэ тыла индонезия тыла диэн ааттанар буолбута
  • Словакия  Словакия Чехия  Чехия — Чехословакия өрөспүүбүлүкэтин күнэ. 1918 сыллаахха Австро-Венгрияттан тутулуга суох Чехословакия өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэмитэ
  • Украина  Украина — Украина фашист халабырдьыттартан босхолонуутун күнэ

Түбэлтэлэр

уларыт
  • 97Рим импэрээтэрэ Марк Кокцей Нерва претория гвардиятын соҥнооһунунан Марк Ульпий Траян диэн байыаннайы бэйэтин нэстилиэнньигинэн уонна утумнааччытынан анаабыт.
  • 969Византия импиэрийэтэ Антиохияттан араабтары үүрбүт.
  • 1420Бобуулаах куорат тутуллан бүппүтүн кэнниттэн Пекин Миин династиятын киин куоратынан биллэриллибит.
  • 1492Христофор Колумб Америкаҕа бэйэтин бастакы айаныгар Куубаҕа дьаакыр бырахпыт, бастаан Японияҕа кэллим дии санаабыт.
  • 1628Францияҕа итэҕэл сэриилэрэ: Ла-Рошель 14 ыйдаах осаадата гугеноттар бэриниилэринэн түмүктэммит.
  • 1726Джонатан Свифт «Гулливер айана» арамаана аан бастаан бэчээттэммит.
  • 1886Нью-Йоркка Көҥүл Мэҥэтэ аһыллыбыт, АХШ тутулуга суох буолуутун сүүс сылыгар Франция бэлэҕэ. Толору аата — "Аан дойдуну сырдатар Көҥүл".
  • 1918 — Чехословакия Австро-Венгрияттан тутулуга суоҕун биллэрбит. 75 сылынан 1993 сыллаахха Чехия уонна Словакия тус-туспа арахсыспыттара.
  • 1942Аляска трассата Алясканы Хотугу Америка суолларын ситимигэр холбообут. Бу трасса Аляскаттан Соҕуруу Америка соҕуруу уһугар диэри тыргыллар Панамерикан шоссе сорҕото буолар.
  • 1962 — Кариб кириисиһэ түмүктэммит, ССРС басхана Никита Хрущев сэбиэскэй ракеталары Куубаттан таһаарар туһунан бирикээс биэрбит.
  • 1965Рим папата Павел VI дьэбириэй омугуттан Киристиэһи өлөрбүт буруйу устубут.
  • 1972 — Саха сирин омуктарын археологияларын уонна этнографияларын түмэлэ Саха судаарыстыбаннай университетыгар аһыллыбыт[1].
  • 2002Москубаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ аһыллыбыттар. ВВЦ-га 5№ павильоҥҥа СӨ ситиһиилэрин көрдөрүү саҕаламмыт. Манна «АЛРОСА» алмааһы хостуур сирдэриттэн хомуллубут кимберлииттэр сэдэх коллекциялара, аатырбыт алмаастар стразтара, аныгы техника көрүҥнэрэ көрдөрүүгэ турбуттар.
  • 2002 — СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлэ Семен Назаров суруналыыстары кытта көрсөн «Дубровкаҕа» буолбут террагынан ситимнээн Саха сиригэр туох дьааһаллар ылыллалларын кэпсээбит.
  • 2006Дьокуускайга Арассыыйа Социалистыы биир баартыйатын (СЕПР) регионнааҕы салаатын учредительнай кэмпириэнсийэтэ буолбут. Олохтоох политсовекка Арассыыйаҕа биллэр спортсменнар Петр Юмшанов уонна Целестин Цюхцинскай киирбиттэр. Политсовет бэрэстээтэлинэн Бриллианы кырыылааччылар ассоциацияларын дириэктэрэ Арсентий Давыдов буолбут.
  • 2013АЛРОСА хампаанньа IPO ыыппыт, хампаанньа 16 бырыhыаннаах аахсыйалара (сэттэлии бырыhыан аахсыйалар - Арассыыйа Федерацията уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбата, эбиитин 2 бырыhыан – квазиказначейскай үп докумуона) атыыга барбыттар. IPO тyмyгэр, 41,3 миллиард солкуобай киирбит (1,3 миллиард АХШ доллара).

Төрөөбүттэр

уларыт

Өлбүттэр

уларыт
  1. Календарь ЯВ. "Якутск вечерний" хаһыат, 2022, алтынньы 26
  NODES
INTERN 1