Ислаам эбэтэр ислам (араб. الإسلام‎; al-'islām) диэн VII үйэҕэ арааб көрбүөччүтэ Муhаммед төрүттээбит аан дойду биир бөдөҥ итэҕэлэ. Кини атын Таҥара үөрэхтэриттэн уратыта диэн уһулуччу монотеизмы (биир Таҥараны) уонна кытаанах сиэрдэри тутуһар.


Ислам

Итэҕэйиилэрэ

Аллах · Тауhид · Таҥара
Муhаммед · Көрбүөччүлэр

Олохторо

Шаhада · Намаз
Саум · Зэкээт · Хадь

Суруйуулара уонна сиэрдэрэ

Коран · Сунна · Хадис
Фикх · Шариат · Калам · Суфизм

Историята уонна басханнара

Аль эл-Байт · Саhаба
Суннаhыттар · Шиа
Кырдьыксыт халифтар · Халифат
Имамат

Мусульмааннарга итэҕэл диэн көрбүөччү этиитин билинии буолар. Итэҕэйии алта сүрүн чаастан турар:

  • 1. Аллаахха итэҕэйии
  • 2. Аанньаларга итэҕэйии
  • 3. Этитиигэ итэҕэйии
  • 4. Көрбүөччүлэри итэҕэйии
  • 5. Сэккэ-сэлээҥҥэ итэҕэйии
  • 6. Дьылҕаны итэҕэйии.

Маны таһынан Ислам ирдэбилин толорорго биэс сиэри-туому халбаҥнаабакка толороллор. Бастатан туран, соҕотох айбыт Айыыны уонна көрбүөччү Муhаммеды билинии буолар. Иккиһинэн — күҥҥэ биэстэ намаас ааҕыы. Үсүһүнэн — дьадаҥыларга анаан түһээн төлөөһүн (закят, садака). Төрдүһүнэн — Рамадаан кэмигэр кураанах күннэниини тутуһуу. Бэсиһинэн — Меккаҕа сылдьыы.

Ылыллыбыт сирэ

уларыт
  • Иччи, А. Павлов-Дабыл ыстатыйата, «Илин» сурунаал, 2№-э 2006

Өссө маны көр

уларыт
  NODES