Сэтинньи 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 322-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 323-c күнэ). Сыл бүтүө 43 күн баар.

Бэлиэ күннэр

уларыт
  • Табахтан батыныы күнэ (2021, сэтинньи үһүс чэппиэрэ)
  • Арассыыйа  Арассыыйа — Тымныы Оҕонньор төрөөбүт күнэ. Бу күнү-дьылы Улуу Устюгка баччаҕа тымныылар саҕаланалларын иһин талбыттар
  • Гаити  Гаити — Аармыйа уонна Кыайыы күнэ. Вертьер аннынааҕы 1803 сыллааҕы кыргыһыыга олохтоохтор Наполеон ыыппыт экспедиционнай куорпуһун кыайбыттар
  • Латвия  Латвия — Тутулуга суох буолуу күнэ. Арассыыйа импиэрийэтиттэн 1918 сыллаахха
  • Марокко  Марокко — Тутулуга суох буолуу күнэ. Францияттан уонна Испанияттан 1956 сыллаахха
  • Оман  Оман — Дойду күнэ. Султаан төрөөбүт күнүгэр киэҥник бэлиэтэнэр
  • Хорватия  Хорватия — Вуковарга 1991 сыллаахха өлбүттэри кэриэстиир күн. Бу Югославия баай куората дойду ыһыллыытыгар хорвааттар уонна сербтэр ыккардыларыгар кыргыһыыга бүүс-бүтүннүү урусхалламмыта (сэрии иннинэ 84 тыһыынча киһи олорбута, ол иһигэр 47% хорвааттар уонна 32,3% сербтэр). Югославия аармыйата 87 хонук тухары төгүрүктээһин кэнниттэн бу күн куораты ылбыта. Кэлин билиниллибэтэх Серб Краината диэн дойду куората буолбута, ол эрээри 1998 сыллаахха куорат Хорватияҕа эйэлээхтик бэриллибитэ
  • Узбекистан  Узбекистан — Дойду былааҕын күнэ
  • Украина  Украина — Украина Сэбилэниилээх күүстэрин сержанын күнэ.

Түбэлтэлэр

уларыт
  • 1723Екатеринбург куората олохтоммут күнэ. Бу күн ыраахтааҕы Бүөтүр Пиэрибэй ыйааҕынан Исеть өрүһүгэр тутуллубут тимир уһаарар кириэппэс-собуот үлэтин саҕалаабыт, бастакы тимир баартыйата оҥоһуллубут. Кириэппэс-собуот импэрээтэр сарыысса Кэтириинэ I аатынан ааттаммыт.
  • 1775Арассыыйа импиэрийэтэ 50 күбүөрүнэҕэ саҥаттан араарыллыбыт, ол туһунан манифест тахсыбыт.
  • 1868 — учуонай Дмитрий Менделеев көҕүлээһининэн Нуучча химияҕа уопсастыбата тэриллибит.
  • 1910 — сүүһүнэн суфражисткалар Лондоҥҥа дьахтар быыбардыыр быраабын туруулаһан марш оҥорбуттар. Сорохторун полиция кырбаабыта биллэн, былаастар дьон-сэргэ хараҕар мөлтөх туруктаммыттара.
  • 1916Аан дойду бастакы сэриитин Арҕаа фронугар биир саамай улахан хаан тохтуулаах кыргыһыы — Сомма кыргыһыыта — түмүктэммит. 1916 сыллаахха буолбут арҕаа фроҥҥа Сомма уонна Верден кыргыһыылара, ону кытары Илин фроҥҥа буолбут Брусилов кимэн киириитэ сэриигэ стратегическэй инициативаны Антанта өттүгэр оҕуннарбыттар. Элбэх ресурсалаах Антанта дойдулара ыарахан кыргыһыылар кэннилэриттэн сүүйүүлээх балаһыанньаҕа тахсыбыттар.
  • 1918 — 18 түүнүгэр хаһаактар Томскай куоракка кииннэнэн олорор Бүтүн Арассыыйатааҕы Быстах кэм бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин Н. Д. Авксентьевы, уонна икки атын чилиэннэрин В. М. Зензиновы, А. А. Аргунову тутан хаайбыттар. Тутуллубут дьон бары эсердэр этэ. Сарсыарда Директория икки хаалбыт чилиэннэрэ уонна миниистирдэр суһал мунньахха мустан Директорияны суох оҥорор, былааһы соҕотох киһиэхэ — Үрдүкү Баһылыкка (нууч. Верховный Правитель) биэрэр туһунан быһаарыыны ылбыттар. Кистэлэҥ куоластааһынынан дуоһунаска бу иннинэ байыаннай уонна морской миниистиринэн сылдьыбыт А. Колчак талыллыбыт. Бу түбэлтэ бассабыыктары утары турар күүстэри сомоҕолообута, "Үрүҥ хамсааһыны" (нууч. Белое движение) баар гыммыта. Колчак бырабыыталыстыбата 1919 сыл бүтүөр диэри Сибиири салайбыта.
  • 1920 — "Дьахтар доруобуйатын харыстабылын туһунан" диэн РСФСР Доруобуйа харыстабылын уонна Үстүүссүйэ наркоматтарын холбоһуктаах уураахтарынан Арассыыйаҕа аан дойдуга бастакынан аборт көҥүллэммит. 1936-1955 сылларга Сэбиэскэй Сойууска аборт бобулла сылдьыбыта.
  • 1927 — Дьарала диэн Арҕаа Хаҥалас сиригэр конфедералистар былаас бэрэстэбиитэллэрин кытта ытыаласпыттар. Бу күн Дьокуускайга «Саха омук» култуура- сырдатар уопсастыба мунньаҕар конфедералистары утарар уонна хомуньуустары өйүүр туһунан уураах ылыммыттар. Сэбилэниилээх күүһү туһанан бэйэлэрин санааларын туруорсуу Саха АССР экэниэмикэтигэр уонна култууралыы олоҕор-дьаһаҕар харгыстары үөскэтэрин эппиттэр. Ол гынан баран, өрөсөлүүссүйэҕэ бастаанньаны күүс өттүнэн хам баттыыр туһунан этиилэр киирбэтэхтэр.
  • 1982 — Сэбиэскэй Сойуус МВД-тын миниистирэ Николай Щёлоков ууратыллыбыт, кини оннугар КГБ тойоно олорбут.
  • 1993ЮАР-га саҥа конституция ылыныллан, хара тириилээхтэр бырааптара кэҥээбит, үрүҥ тириилээхтэр баһылаан олорбуттара тохтотуллубут.
  • 1993 — Эдэр Саас — "Саха сирэ" хаһыат ыччакка аналлаах сыһыарыытын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Төһө да хаһыат иһинэн тахсар хаһыат буоллар, туспа эрэдээксийэлээх, туспа суоллаах-иистээх таһаарыы быһыытынан үлэлээбитэ, 90-с сылларга Саха сирин олохтоохторугар улахан сабыдыалы оҥорбута. Туспа хаһыат быһыытынан тахса сылдьыбыт кэмнээх (2010 сыллаахха). 2023 сылга “Эдэр саас” сыһыарыы “Саха сирэ” хаһыат иһигэр ыйга биирдэ түөрт балаһалаах бэчээттэнэр.
  • 2004 — Cэтинньи 15-18 күннэригэр Дьокуускайга Польша Өрөспүүбүлүкэтин наукатын уонна култууратын күннэрэ ыытыллыбыттар. Бу күннэр истэринэн «Польша киинэлэрэ» кинофестиваль, «Польша уонна Саха сирин историческай ситимнэрэ» төгүрүк остуол, Наассыйалыы архыып пуондатыттан быыстапка тэриллибит.

Төрөөбүттэр

уларыт

Өлбүттэр

уларыт


  NODES
os 2