Сэтинньи 24
күнэ-дьыла
Сэтинньи 24 диэн Григориан халандаарыгар сыл 328-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 329-c күнэ). Сыл бүтүө 37 күн баар.
Бэлиэ күннэр
уларыт- Эволюция күнэ. Чарлз Дарвин сүрүн үлэтэ тахсыбыт күнүн бэлиэтээн биология ситиһиилэригэр болҕомто тардаллар
- Мордьо күнэ. Учуонайдар Хотугу байҕал суолунан аал сырыыта элбиэхтээҕиттэн уонна туристар мордьолор сытар сирдэрин көрүөхтэрин баҕараллара күүһүрэриттэн дьиксинэллэр
- Ассам штат, Ииндийэ — Лачит Дивас (Лачит күнэ). Лачит Борпхукан (1622-1672) Ахам саарыстыба (билиҥҥи Ассам) полководеһа этэ, Улуу Моҕуоллар аармыйаларын бу күн тохтоппута, дойдутун көмүскээбитэ.
- Таджикистан — Таджикистан судаарыстыбаннай былааҕын күнэ
- Турция — Учуутал күнэ
- Ииндийэ — Тегх Баһадур гуру кэриэстэбилин күнэ. Сикх итэҕэлин төрүттээбит уон гурулартан тохсустара. Улуу Моҕуоллар былааска кэлэн 1675 сыллаахха бу күн төбөтүн быспыттара. Ииндийэҕэ сикхтэр уонна мусульмаан буолбатахтар бу киһи хорсун быһыытын өрө туталлар, мусульмааннар баһылыылларын утарар сиимбэл быһыытынан туһаналлар
Түбэлтэлэр
уларыт- 1642 — Голландец Абель Тасман Австралия соҕуруу өттүгэр бөдөҥ арыыны булбут уонна айанын үбүлээбит киһи аатынан Энтони ван Димен сирэ (Anthoonij van Diemenslandt) диэн ааттаабыт. Арыы кэлин Тасмания диэн ааттаммыта.
- 1859 — Чарлз Дарвин «Көрүҥнэр үөскээһиннэрэ» диэн кинигэтин таһаарбыт. Кинигэҕэ кини биология көрүҥнэрэ айылҕа сүүмэрдээһининэн эволюцияны ааһалларын быһаарбыт. 1953 сыллаахха ДНК-ны арыйыы бу теорияны эбии бигэргэппитэ.
- 1938 — Ленинградка Япония туһатыгар үспүйүөннээһиҥҥэ сымыйанан буруйдаммыт илин тыллары чинчийэр 12 учуонай ытыллыбыт. Кэлин бу учуонайдартан биирдэстэригэр Николай Невскэйгэ Ленин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни анаабыттара. Сордооһуну-муҥнааһыны тулуйбакка бары "буруйдарын" билиммиттэрэ, арай, Невскэй ойоҕо, омугунан дьоппуон Исоко Мантани-Невская билиммэтэҕэ.
- 1940 — Аан дойду иккис сэриитэ: Бастакы Словакия Өрөспүүбүлүкэтэ Тройственнай пакт диэн докумуоҥҥа илии баттаан, Германия, Италия уонна Япония байыаннай сойуустарыгар холбоспут.
- 1956 — ЦК КПСС уурааҕынан депортацияттан дойдуларыгар төннүбүт калмыктар, карачайдар, балкардар, чеченнэр уонна ингуштар национальнай автономиялара сөргүтүллүбүттэр.
- 1969 — АХШ уонна ССРС ядернай сэриини-сэбиргэли тарҕаппат туһунан Дуогабары ратификациялаабыттар.
- 1974 — Эфиопияҕа палеонтологтар Дональд Йохансон уонна Том Грей 40%-на бүтүн хаалбыт австралопитек дардьаматын булбуттар. Дьардьаманы Битлз бөлөх ырыатынан «Люси» диэн ааттаабыттар.
- 1989 — Чехоловакияҕа биир нэдиэлэ маассабай бырачыас кэнниттэн (кэлин Бархат өрөбөлүүссүйэтэ диэн ааттаммыта) Милош Якеш уонна дойду хомуньуус баартыйатын политбюрота былаастан туораан биэрбиттэр.
- 1990 — Сүбэрэнитиэт биллэриллибин кэннэ Михаил Николаев Борис Ельцинныын көрсөн өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ саҥалыы сайдыахтаах оҥкулун оҥорбуттар. Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ совминын бэрэстээтэлэ Владислав Шамшин уонна быраабыыталыстыба атын чилиэннэрэ бааллара.
- 2002 — Бокса Саха сиринээҕи Федерациятын саҥа салайааччытынан «Анаабыр алмаастара» генеральнай дириэктэрэ Матвей Евсеев буолбут. Сборнай хамаанда саҥа старшай тренерынан ССРС чемпионаатын призёра Александр Михайлов буолбут.
- 2007 — Гуманитарнай чинчийии институута, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Ассоциацията» Саха АССР үтүөлээх артыыһын Устин Нохсоров 100 сааһын туолуутугар анаан «Олоҥхо уонна уос номоҕо: Утумнааһын. Билиҥҥи турук» диэн научнай практическай кэмпириэнсийэ ыыппыттар.
- 2015 — Арассыыйа Су-24 бомбардировщигын Сиирийэ уонна Туурсуйа кыраныыссаларын үрдүгэр Туурсуйа F-16C истребителэ суулларбыт. Бу мөккүөрдээх түгэн икки дойдулар ыккардыларыгар сыһыаны улаханнык мөлтөппүтэ.
Төрөөбүттэр
уларыт- 1913 — Степан Стручков — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр бастакынан комбайны, локомотивы, электрическэй мотуордаах миэлиҥсэни үлэлэппит туруу улэһит, бастакы тракторист, электрик уонна рационализатор.
- 1916 — Иннокентий Эртюков (06.06.1991 өлб.) — бэйиэт, тылбаасчыт, суруналыыс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1916 — Михаил Сафронов — ветеринария билимин дуоктара, профессор. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институт дириэктэрэ (1960—1988).
- 1949 — Константин Мамонтов (2022 өлб.) — муосчут, педагог, СӨ народнай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ үтүөлээх дьайыксыта, Бүлүү уонна Сунтаар улуустарын Ытык киһитэ.
Өлбүттэр
уларыт- 1970 — Георгий Туралысов (22.04.1903 төр.) — саха тыйаатырын ойуулуур искусствотын төрүттээбит саха маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх худуоһунньуга, Саха норуодунай худуоһунньуга.
- 1979 — Иннокентий Пухов — филология билимин кандидата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 2003 — Сайфутдин Азизов — Кытай судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэлэ. КНР Синьцзян-Уйгур автономнай оройуонун бастакы бэрэстээтэлэ.