Эһэ (лат. Ursidae gen. et spp.) — сиэмэх улахан кыыл. Тугу баҕарар сиир, маска ыттары, ууга устары сатыыр, түргэнник сүүрэр, кылгас кэмҥэ кэлин атахтарыгар турар уонна оннук хаамар кыахтаах улахан кыыл. Кылгас кутуруктаах, хойуу түүлээх буолар, үчүгэйдик сытырҕалыыр уонна кулгааҕынан истэр. Эһэлэр киэһэ уонна сарсыарда бултуулларын сөбүлүүллэр. Киһиттэн куттанар гынан баран, сороҕор сэрэхтээх буолуон сөп. Айылҕаҕа өстөөхтөрө суох.

Эһэ

Араас көрүҥнэрэ аан дойдуга барытыгар тарҕаммыттар.

Эһэ олохсуйбут сирдэрин каартата

Эһэ ааттара

уларыт

Анаҕас - эһэ оҕото. Таппы - эһэ тириитэ. Олгуйдаах эһэ - арҕах хастыбакка, маһы чохчолоон, онно уйа оҥостон кытсыыр эһэ. Наргыча - эһэ быйылгы оҕото[1].

Тыл туттуллуута

уларыт

Өс хоһоонноро

уларыт
  • Эмтэрийбити эһэ сиир, быралыйбыты быыр сиир.

Тыл номохторо

уларыт
  • Эһэ кымырдаҕастаабытыгар дылы.
  • Эһэ эрбэхтэннэҕинэ, ыт сааланнын.
  • Эһэни көрөн баран суолун ирдээбиккэ дылы.
  • Эһэни өлөрбөккө туран тириитин үллэстибиккэ дылы.

Быһаарыылар

уларыт
  1. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.51


  NODES
os 3