Ак-Койунлу (туроктыы "маҥан хойдоохтор": ак "маҥан" уонна кой "хой"[1]) – XIV–XVI үйэлэргэ илиҥҥи Анатолияҕа уонна арҕааҥҥы Ирааҥҥа баар буола сылдьыбыт баяндур биистэн баһылыктардаах туркоманнар дойдулара[2][3]. "Ак-Койунлу" диэн аат бу дойду былааҕыттан үөскээбит: туркоманнар былаахтарыгар маҥан хой уруһуйа баар эбит, ол иһин "маҥан хойдоохтор", ол эбэтэр туроктыы Ак-Койунлу диэн ааттаммыттар. Византия кэминээҕи былыргы кинигэлэргэ бу дойдуну Аспропробатид диэн ааттыыллара.

Ак-Койунлу былааҕа

История

уларыт

Византия кинигэлэригэр туркоманнар туһунан 1340 сыллаахха бастакы ахтыылар бааллар. Бу кэмҥэ туркоманнар илиҥҥи Анатолияҕа олоро сылдьыбыттар уонна Византия хотуннарын ойох ылар эбиттэр. Холобур, Ак-Койунлу аатырбыт баһылыга Узун-Хасан ойоҕун Византияттан ылбыта.

 
1478 сыллаахха Ак-Койунлу дойдута

XIV үйэ ортотугар Илхааннар былаастара кэхтэр кэмигэр Ак-Койунлулар сайылыктара Армения сиригэр, оттон кыстыктара Дийарбакыр уонна Ойвас куораттар диэки баар эбит[4]. XIV үйэ бүтүүтүттэн Ак-Койунлулар атын оҕус дойдутун, Кара-Койунлуну кытта тохтобула суох сэриилэспит. Ак-Койунлу баһыйар бииһэ байандур диэн этэ[5]. Байандур бииһин төрүттээччитэ Байандур-хаан, былыргы 24 оҕус биистэрин баһылыга этэ.

XIV үйэҕэ Ак-Койунлулар Трапезунд империятын кытта кырыктаахтык сэриилэспиттэр. 1352 сыллаахха сэрии түмүктэммит уонна Трапезунд ыраахтааҕытын Үһүс Өлөксөй балта Мария Комнина Ак-Койунлу баһылыгын Фаһр-ал-ад-Дин Кутлу-бэйи кытта ыал буолбут. Кинилэр уоллара кэлин Үһүс Өлөксөй кыыһын кытта ыал буолбут. Бу ыал буолуу Ак-Койунлу уонна Трапезунд сэриилэрин тохтоппут уонна доҕордуу сыһыаннарын олохтообут. 1389 сыллаахха Фаһр-ал-ад-Дин Кутлу-бэй уола Аһмад баһылык буолбут, онтон сотору буолан баран кини быраата Кара Осман былааска кэлбит. Кара Осман Ак-Койунлу дойдутун дьиҥнээх төрүттээччитэ буолуон сөп[4].

Эбии көр

уларыт

Быһаарыылар

уларыт
  1. Петрушевский И. П. Очерки по истории феодальных отношений в Азербайджане и Армении в XVI — начале XIX вв. — Л., 1949. — С. 35.
  2. Ak Koyunlu // Encyclopaedia of Islam. — Leiden: E. J. BRILL, 1986. — Vol. I. — P. 311.
  3. V. Minorsky. Bulletin of the School of Oriental and African Studies, Vol. 17, No. 3 (1955), P. 449—462.
  4. 4,0 4,1 Quiring-Zoche R. "AQ QOYUNLŪ," Encyclopædia Iranica, Vol. II, Fasc. 2, pp. 163-168
  5. Clifford Edmund Bosworth. The new Islamic dynasties: a chronological and genealogical manual. — Edinburgh University Press, 2004. — P. 275—276. — ISBN 0-7486-2137-7

Кинигэлэр

уларыт
  NODES
os 2