Арамаан (нууч. Роман) — литература бөдөҥ жанра. Киниэхэ эпос көрүҥүн бары уус-уран бэлиэлэрэ жанровай принцип быһыытынан киирэллэр. Роман норуот дьылҕатын, олох национальнай-историческай уратыларын проза бөдөҥ форматыгар уус-ураннык ойуулуур; биирдиилээн дьон олоҕун-дьаһаҕын, быһыытын-майгытын социальнай эйгэҕэ сыһыаран киэҥ өрүттэрдээх тема быһыытынан уус-ураннык сиһилии арыйар. Арамаан быһаарыытын көрүөххэ: «Арамаан — аан бастааҥы өйдөбүлэ: романскай тылынан (латыынныы) суруллубут айымньы. Жанр быһыытынан сүрүн өйдөбүлэ — эпическэй род бөдөҥ формата: кэм эйгэтигэр сайдар сюжеттаах, ойууланар түбэлтэлэр олоххо сыһыаннаахтык наарданаллар, персонажтар тыллара-өстөрө, дьайыылара айымньыга идея ситимнээхтик арыллыытын олохтууллар»[1].

Арамаан сайдыыта

уларыт

Бастакы арамааннар историческай-революционнай жанрга суруллубуттара. Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара» (1942), Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» (1944), Н. Якутскай «Төлкө» (1947-1964) арамааннара сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар буолбут сүҥкэннээх чахчылары - революцияны, гражданскай сэриини - ойуулаабыттара. Онтон 60-70-с сыллардаахха саха литературатыгар роман жанра элбээбитэ. Бу кэмҥэ саҥа сонун көстүүнэн социальнай-психологическай арамааннар үөскээһиннэрэ буолбута: C. Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» (1967),В. Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» (1969). 70-с сыллардааҕы роман иккис хайысхатынан историко-революционнай жанрга интэриэс күөрэйиитэ буолбута. Ол курдук А. Сыромятникова «Кыыс хотун» (1970-1973), Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» (1971), И. Гоголев «Хара кыталык» (1977-1978) уо.д.а.. 1990-с сылтан бэттэх саха литературатыгар роман баһыйар үгүс ахсаана таҕыста уонна саҥа жанровай араастарынан байда.

Арамаан жанра

уларыт
  • Социальнай-психологическай арамаан - саха литературатыгар аан бастаан 1960-с сылларга тахсыбыта: Cофрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары», В. Яковлев «Өрүстэр кирбиилэригэр» уо.д.а.. Социальнай-психологическай ромаҥҥа буола турар быһыы-майгы ойууланар, билиҥҥи общество сытыы проблемалара туруоруллаллар уонна аныгы киһи характера арыллар. Ол иһин маннык айымньы куруук актуальнай буолар.
  • Психологическай арамаан - бу көрүҥҥэ ордук автобиографическай хабааннаах романнар киирэллэр. Автордар романнарын сюжеттарын тус олохторугар сыһыаран ойуулууллар, ол иһин сүрүн персонаж өйүн-санаатын, иэйиитин ааҕааччыга итэҕэтиилээхтик тиэрдэллэр.
  • Философскай арамаан - философскай ромаҥҥа бүтүн киһи аймахха суолталаах үйэлээх боппуруостар таарыллаллар. Суруйааччы өйүн-санаатын муҥутуур күүрээнэ, олоххо сыһыана, быһыыны-майгыны сыаналыыр дьоҕура бу жанрга арыллар. Философскай арамаан сайдыыта литература биир орой чыпчаалга тахсыбытын кэрэһэлиир уонна үгүс мөккүөрдэри, кэпсэтиилэри таһаарар дьикти көстүү буолар. Холобура, И. Гоголев «Иэйэхсити кэлэтии» маҥнайгы философскай арамаан.
  • Историческай арамаан - ромаҥҥа сюжет историческай чахчыларга олоҕурар, норуот олоҕун суолталаах кэмин хабар, дьиҥ олорбут, үлэлээбит-айбыт, норуоттарыгар улахан туһаны аҕалбыт дьон характердара арыллар.

Быһаарыылар

уларыт
  1. [Максимова П. В. ыйыллыбыт үлэтэ, С. 212]


  NODES
os 1