Усэйн Сент-Лео Болт (аанг. Usain St. Leo Bolt; атырдьах ыйын 21 к. 1986 с., Шервуд-Контент, Трелони уокурук, Ямайка) — Ямайка чэпчэки атлетикаҕа спортсмена, кылгас кэрчиктээх сүүрүүгэ идэтийэр, Олимпиада алта, аан дойду 11 төгүллээх чөмпүйүөнэ. Кылгас дистанцияҕа сүүрүүгэ аан дойду 8 рекордун олохтообут. Ол иһигэр 100 миэтэрэҕэ — 9,58 сөк.; 200 м — 19,19 сөк., ону сэргэ Ямайка сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар сылдьан 4×100 м. эстэпиэтэҕэ — 36,84 сөк..

Усейн Болт

Усейн Болт 2013 сыллаахха.
Төрөөбүтэ Усэйн Сент-Лео Болт
21 Атырдьах ыйын 1986 (1986-08-21) (age 38)
Вурцбург, Арҕаа Германия
Атын ааттара Трелавны, Ямайка[1]
Идэтэ Спортсмен
Тугунан биллэр Сүүрүү

100 уонна 200 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ икки Олимпиада тухары бастаабыт суос-соҕотох уонна бастакы спортсмен (Пекин 2008 уонна Лондон 2012). Ямайка саамай элбэх Олимпиада мэтээллээх спортсмена. Аан дойдуга Олимпиадатааҕы чэпчэки атлетика күрэхтэһиитигэр саамай элбэх көмүс мэтээли ылбыт 4-үс нүөмэрдээх спортсмен. Киниттэн элбэх мэтээллээхтэр - Пааво Нурми, Карлу Льюису уонна Рею Юри[2]. Киһи аймах устуоруйатыгар аан дойду чөмпүйэнээтин 11 көмүс мэтээлин ылбыт соҕотох киһи. Ямайка Дьоһуннаах буолуу (2008) уонна Ямайка уордьаннар кавалердара (2009)[3].

Олус түргэнник сүүрэрин иһин "Чаҕылҕан" диэн хос ааттаммыт (ааҥл. Lightning Bolt)[4].

Биографията

уларыт

Төрөөбүт тыла — ямайкатааҕы креол тыла[5]. Кини христиан-католик[6].

Усэйн Болт Ямайка Трелони уобалаһын Шерфуд-Контент диэн кыра дэриэбинэтигэр Дженнифер уонна Уэлсли Болттар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Аҕата дьоҕус маҕаһыыннааҕа. Усэйн Садики диэн бииргэ төрөөбүт бырааттаах, Шерин диэн эдьиийдээх (аҕатын бастакы ойоҕуттан кыыһа)[7]. Усэйн оҕо сылдьан олус көхтөөх эбит. Крикети сөбүлээн оонньуур эбит[8]. Төрөппүттэрэ кинини Вальденсия алын сүһүөх оскуолатыгар үөрэттэрэ биэрбиттэр. Оскуолаҕа киирэн баран Усэйн чэпчэки атлетиканан утумнаахтык дьарыктанан барар. Ол гынан баран крикетин ордорор эбит. 1998 с. алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэн баран, уол Ульям Нибба аатынан орто оскуолаҕа киирэр[9]. Онно үөрэнэ сылдьан биирдэ крикет күрэхтэһиитигэр кытта сырыттаҕына, кинини Пабло Макнейл диэн чэпчэки атлетика тириэньэрэ өйдөөн көрөр. Ол түмүгэр, Болт крикети быраҕар уонна 2001 с. [10] сүүрүүгэ бастакы кыһыл көмүс мэтээлин ылар. Ямайка оскуола оҕолоругар сүүрүүгэ чөмпүйэнээтигэр 200 миэтэрэни 22,4 сөкүүндэнэн кэлэн, 2-с миэстэ буолар[11].

Тус олоҕо

уларыт

Усэйн Болт билигин Кингстоҥҥа олорор. Вест-Индия университет чэпчэки алтеликаҕа стадионугар дьарыктанар. 2011 сыллаахха Лубице Куцерова диэн словак модельер дьахтарын кытта доҕордоһо сылдьыбыта. Ол эрээри 2012 сыллаахха эйэнэн арахсыбаттара[12]. Лондоннааҕы Олимпиада кэмигэр Дартфорд куорат олохтооҕо Меган Эдвардс диэн Британия спортсменын кытары билсэ сылдьыбыта. Ол эрээри сыһыаннара уһаабатаҕа -- 2012 сыллаахха эмиэ арахсыбыттара[13].

Усэйн Болт аан дойду биир саамай улахан хамнастаах спортсмена. 2012 с. Forbes сурунаал эриэйтинигэр Болт 63-с миэстэҕэ сылдьара. Дохуота 20,3 АХШ дуолларыгар тэҥнэспитэ. Онтон 20 мөлүйүөнэ аҥаардас эрэкилээмэ уонна успуонсар харчыта этэ[14]. 2013 сыллаахха эмиэ ол эрийэтиҥҥэ 40-с миэстэҕэ тахсыбыта. Харчыта 24,2 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэспитэ[15].

В 2011 сыллаахха Усэйн Болт Кингстон куоракка «Tracks & Records» диэн эрэстэрээн аһыммыта[16].

Примечания

уларыт
  1. Ferdinand, Rio (1 February 2009). "Local heroes: Usain Bolt". The Observer. Retrieved 3 February 2009.
  2. Athletics — Athlete Medal Leaders (English). sports-reference.com. Тургутулунна 25 Олунньу 2014.
  3. Welcoming home our Olympians (English). jamaica-gleaner. Тургутулунна 21 Атырдьах ыйын 2014.
  4. Focus on Athletes Biography (English). IAAF. Тургутулунна 27 Сэтинньи 2014.
  5. Jamaica’s Usain Bolt: Is He Still the World’s Fastest Runner? (English). Тургутулунна 19 Балаҕан ыйын 2014.
  6. Vatican invites Usain Bolt to address religious liberty conference (English). Тургутулунна 20 Атырдьах ыйын 2014.
  7. Bolt's gold down to yam power, father says (English). reuters. Тургутулунна 25 Олунньу 2014.
  8. Usain Bolt's rise from rags to rapid riches (English). theguardian. Тургутулунна 19 Балаҕан ыйын 2014.
  9. The Greatest: Usain Bolt (English). The Independent. Тургутулунна 25 Олунньу 2014.
  10. Pablo McNeil - the man who put the charge in Bolt (English). http://jamaica-gleaner.com/.+Тургутулунна 25 Олунньу 2014.
  11. Focus on Athletes biographies (English). IAAF. Тургутулунна 25 Олунньу 2014.
  12. USAIN BOLTS FROM GIRL (English). Тургутулунна 20 Атырдьах ыйын 2014.
  13. She Bolt-ed! Usain's British girlfriend Megan Edwards calls time on her relationship because of the long distance (English). Тургутулунна 20 Атырдьах ыйын 2014.
  14. World's Highest-Paid Athletes (English). Forbes. Тургутулунна 1 Балаҕан ыйын 2014.
  15. World's Highest-Paid Athletes (English). Forbes. Тургутулунна 1 Балаҕан ыйын 2014.
  16. Usain Bolt goes into the restaurant business before his eagerly awaited return to the track (English). The telegraph. Тургутулунна 1 Балаҕан ыйын 2014.



  NODES