Буолас
Буолас (нууч. волость) - Арассыыйаҕа былыргыттан баар дьаһалта эбэтэр бааһынайдар бэйэни салайаныыларын алын биирдэмэ. Саха сиригэр маннык ааттаах биирдэмнэр XVII-XIX үйэлэргэ туттулла сылдьыбыттара, кэлин нэһилиэк диэн ааттанар буолбуттара.
Чинчийээччи С. Латышев Брокгауз уонна Эфрон энциклопедиятыгар суруйарынан, былаас (нууч. Власть) диэн тылы кытта ыкса ситимнээх, былыр нууччаҕа ханнык эрэ кинээс бас билэр сирэ-уота ааттанар эбитэ үһү.
Кэлин XVI үйэҕэ буолас диэн тыл урукку сири бас билии суолтатыгар туттуллубат буолбут. Ол оннугар дьаһалтаннан тыырыллыы биирдэмин курдук көрүллэр, биитэр отой да стан диэн тиэрмининэн солбуллар буолбут. Петр I саҕана эмиэ син туттуллар эбит, ол эрээри чинчийээччи ханнык өйдөбүлгэ туттулларын туһунан биир түмүккэ кэлбэт. Император Павел I саҕана, 1797 сыл сааһыгар кэккэ сытар сэлиэнньэлэри уонна дэриэбинэлэри бирикээстэргэ холбуур туһунан ыйаах тахсыбыт (№ 17906). Эмиэ ол сыл сайыныгар бирикээстэри буолас дииргэ император бигэргэппит дакылаата тахсар ("О разделении казенных селений на волости и о порядке их внутреннего управления", № 18082).
1866 сыллаахха тахсыбыт буоластары салайыы туһунан балаһыанньаҕа буолас маннык суруллар[1]:
волость является низшей административной единицей крестьянского самоуправления (в противоположность сельскому обществу, как хозяйственной единице), образуемой из смежных крестьянских обществ.
Туора урдустарга (нууч. инородцы) буоластар туспа өйдөбүллээхтэрэ саарбахтаммат. Тоҕо диэтэххэ кинилэр истэригэр бааһынайдар сословиеларыгар киирэр дьон аҕыйахтара, сороҕор отой да суохтара биллэр. Сорох сиргэ этиллэринэн Саха уобалаһыгар барыта 12 полиция учаастага, 8 нуучча уонна 1 туора урдустар буоластара баара. Ол соҕотох буолас 15 саха улууһугар хайдара (251 нэһилиэктээҕэ).