Бырахтарыы (өссө биллэрин курдук ааҥл. Schizophrenia эбэтэр нууч. шизофрения), мэйии ыарыыта, кыылларга даҕаны, дьоҥҥо даҕаны тарҕаммыт ыарыы. Статистика этэринэн Аан Дойдуга 1% дьон уонна 0,02% кыыл бырахтарар эбит.

Бырахтарыы ыарыыта икки төрүөттээх: мэйии травматын кэнниттэн эбэтэр генетическай төрүөттээх буолар.

Бырахтарыы сыыйа биллибэккэ сайдар, сүрүннээн киһи мэйиитэ көмпүүтэр курдук буоларын быһыытынан элбэх информацияҕа ыйанан хаалыан сөп, ол түмүгэр буккуллан хаалыан сөп. Өскөтүн мэйии буккуллар түгэнигэр уонна көммөт түгэнигэр - мэйии клеткалара алдьанан бараллар, онтон медиатордара ыгыллан барар. Сыыйа ыарыы киһи өйө бааллан, инбэлииткэ тиийэн өлөр суолга үктэнэр. Билиҥҥи медицина сатаан кыайбат уонна тохтоппот ыарыыларыттан биирдэстэрэ.

Сүрүн симптомнара: голлюцинация, буккуллуу, агрессия уонна өйө суох барыы. Шизофрения деменция ыарыыга майгынныыр, ол эрэн туспа төрүөттээх ыарыылар буолаллар бэйэ бэйэлэриттэн.

Бырахтарыы хас даҕаны көрүҥнэрдээх: параноидальнай бырахтарыы, сымыйаччы уонна акаары буолуу. Сороҕор бырахтарбыт дьон эккирэтиинэн бырахтарыы буолаллар.

Бырахтарбыт дьоҥҥо нейролептиктары биэрэллэр, ол эбэтэр ыгыллыбыт медиатордарын уоскуталлар. Ол эрэн бырахтарыы тохтоппоттор. Бырахтарыы эмтэммэт ыарыы буолар.

Эр дьон үксэ 18 саастарыттан ыалдьаллар, дьахталлар 30 саастарыгар. Кыыллар араас кэмҥэ.

  NODES
Done 1