Пои Калян
Пои Калян
Пои Калян(узб.Poi Kalon ansambli) - Калян минарет анныгар турар архитектурнай ансаамбыл.
Комплекс үс, Xll-XVl үйэлэрдээҕи тутуулартан турар: Калян минарет, Калян мэчиэт уонна Мири Араб медресе. Пои Калян Регистан параднай болуосакка турар уонна Бухара куорат([[Узбекистан]]) киин архитектурнай ансаамбылынан буолар.
Минарет уонна соборнай мэчиэт, Vlll үйэҕэ, Трансоксанияны араабтар сэриилээн ылыахтарыттан бааллар, ол кэмҥэ, мэчиэт куорат кириэппэһин анныгар турара.Xll үйэҕэ [[Арслан]] хан куораты уларыта туппута: кини Бу-Ляйса уулуссатыгар баар куорат дыбарыаһын көтүрбүтэ, урусхалламмыт ис кириэппэһи хаттаан туппута уонна куорат мэчиэтин көһөрбүтэ. Саҥа мэчиэт, ис кириэппэстэн соҕуруулуу-илин 150 м тэйиччи сиргэ тутуллубута, киниэхэ анаан минарет туппуттара. Минарет, тутуллан баран мэчиэт үрдүгэр сууллан үс гыммыт иккитин алдьаппыта. 1121 с.саҥа мэчиэт тутуллан бүппүтэ. 1127 с. билиҥҥи кэмҥэ диэри тиийбит минарет тутуллубута.
Арслан хан мэчиэтин миэстэтигэр, XV үйэҕэ, билиҥҥи Калян мэчиэт тутуллан, 1514 с.бүппүтэ. Ансаамбыл аныгы көрүҥү, Убайдулла-хан үтүө доҕоро Йеменскэй Мири Араб сүбэтинэн медресе тута сырыттаҕына 1536 с. ылбыта. Мири Араб өлбүтүн кэннэ, мавзолейын кини аатын ылбыт медресе тиэргэнигэр оҥорбуттара, Убайдулла-хан бэйэтэ эмиэ, онно сытар.
Калян мэчиэт(Улахан мэчиэт) ис тиэргэнэ По-и-Калян комплекс сорҕото. Кини, Самаркҥҥа баар Биби-Ханум мэчиэтин кэнниттэн, Узбекистаҥҥа иккис улахан мэчиэт. Тимуридскай архитектура үгэстэрин тутуһан тутуллубут уонна поливной мозаиканан киэргэтиллибит.
Калян минарет)(Улахан минарет)болуоссакка саамай кырдьаҕас тутуу, 1127с. Арслан хан туттарыаҕыттан, 900 сыл кэриҥэ өрөмүөнэ суох турар. Бухара үрдүк тутууларыттан биирдэстэрэ, 46,5 м. үрдүктээх, төбөтүгэр банаардаах.
Мири Араб - "Араб Эмира" - медресе 1535-1536 сс.шейх Абдулла Йеменскэйгэ анаан Убайдулла-хан туппут. Мэчиэккэ 111 худжр(келья) уонна икки кириэстии быһыылаах саала бааллар. Бастакы саала мэчиэт уонна лиэксийэ ааҕар саала быһыытынан туттуллар, иккис саала Убайдулла-хан, Абдулла Йеменскэй уонна атыттар харалла сы тар сирдэрэ.
https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%9F%D0%BE%D0%B8-%D0%9A%D0%B0%D0%BB%D1%8F%D0%BD
https://www.centralasia-travel.com/ru/countries/uzbekistan/places/bukhara/poi_kalyan
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|