Сидзуока куорат (дьоп. 静岡市) — Дьоппуон Суруга хомотун хотугулуу-арҕаа өттүгэр турар. Куорат иэнэ - 1411,82 кв.км. 2014 с. туругунан Сидзуока нэһилиэнньэтэ - 707.119 киһи. Сидзуока куорат оонньуурдары оҥорорунан киэҥник биллэр.

Дьаһалатаннан тыырыллыыта

уларыт

Аныгы куорат үс чааска арахсар: Аой-ку хоту өттө;
Симидзу-ку илин өттө (2003 сыллаахха диэри Симидзу туһунан куорат этэ);
Суруга-ку соҕурууҥҥу.

Устуоруйата

уларыт

Былыргыта

уларыт

Куорат билиҥҥи сиригэр хас да былыргы Кофун кургаана баар. Археологтар хаһыылара көрөдөрбүтүнэн Яёй диэн ааттанар кэмҥэ билиҥҥи куорат үөһүгэр бөдөҥ сэлиэнньэ баар буола сылдьыбыт.

Орто үйэ

уларыт
 
Сумпу заамак

Суруга провинция Нара диэн ааттанар кэм саҥатыгар баар буолбут. Сотору кэминэн 701 уонна 710 сыллар ыккардыларыгар провинция киинэ хомо илин кытылыттан билиҥҥи Нумадзу куоракка арҕаа көспүт. Саҥа киин куорат Сумпу эбэтэр Футю диэн ааттаммыт.

Сумпуга өр кэмҥэ Имагава ууһа баһылаан олорбут. . После Окэхадзам аттынааҕы кыргыһыы (1560 сыл) уонна Имагава Ёсимото өлбүтүн кэнниттэн Суруга уонна Сумпо үрдүнэн Такэда Сингэн буолбут, кини кэнниттэн Токугава Иэясу баһылаабыт (кини кэмигэр куорат бөҕөргөтүллүбүт, заамак тутуллубут), ол кэнниттэн былаас Накамура Кадзутаде диэн Тоётоми Хидэёси вассала ылбыт. 1600 сыллаахха Токугава Иэясу Тоётоми клаанын кыайан Япония соҕотох ыраахтааҕыта буолбут. 1605 сыллаахха Иэясу «үлэттэн тэйбит» уонна Эдо куораттан Сумпуга бэйэтин заамагар көспүт. Онон, Сумпу куорат тэнрё диэн ааттаммыт (сёгун быһаччы салайар сирэ).

Аныгы устуоруйата

уларыт

1869 сыллаахха Сумпу аатын Сидзуоку диэн уларыппыттара. 1871 сыллаахха провинциялара префектура буолбуттара; аныгы Сидзуока префектура үөскээбитэ. 1889 сыллаахха Сидзуока сэлиэнньэ бөдөҥ куорат аатын ылбыта (си).

Куорат 1889 сыллаахха буолбут баһаарга, 1935 сыллаахха буолбут сир хамсааһыныгар, 1940 сылллааҕы баһаарга уонна 1945 сылллаахха Америка авиациятын уматар буомбалаах эриэйдэтин кэнниттэн улаханнык эмсэҕэлээбит.

2003 Сидзуока уонна Симидзу холбоһон биир куорат буолбуттара. 2005 сыллаахха Сидзуоку үс оройуоҥҥа араарыллыбыта; урукку Симидзу куорат Симидзу-ку диэн ааттаах оройуон буолбута.

Экономиката

уларыт

Үлэлээх буолуулара маннык арахсар эбит (2004 с.): өҥө оҥоруу 73 %; бырамыысыланнас 26,9 %; тыа хаһаайыыстыбата 0,1 %.

Куорат оонньуур уонна хомуллар мадьыаллары оҥорорунан биллэр. Биллэр оҥорон таһаарааччылар: Tamiya, Aoshima Bunka Kyozai, Hasegawa.

Туризм

уларыт

Халыып:See also

Түмэллэр

уларыт

- Сидзуока префектуратын уус-уран түмэлэ - Айылҕа уонна тулалыыр эйгэ устуоруйатын түмэлэ

 
The headquarters of Shizuoka Broadcasting System (SBS) and the Shizuoka Shimbun newspaper

Бэчээттэнэр таһаарыылар

уларыт

Shizuoka Shimbun диэн хаһыат тахсар.

Электрон таһаарыылар

уларыт

Тэлэбиидэнньэ

уларыт

- NHK Shizuoka (Analogue Channel 9; Digital Channel 1)
- NHK Shizuoka Educational Channel (Analogue Channel 2; Digital Channel 2)
- Shizuoka Broadcasting System (SBS) (Analogue Channel 11; Digital Channel 6)
- TV Shizuoka (Analogue Channel 35; Digital Channel 8)
- Shizuoka Daiichi Television (Analogue Channel 31; Digital Channel 4)
- Shizuoka Asahi Television (Analogue Channel 33; Digital Channel 5)

Кабеллээх тэлэбиидэнньэ

уларыт

Shizuoka Cable Television (Dream Wave Shizuoka)

Араадьыйа

уларыт

- NHK1 882 kHz
- NHK2 639 kHz FM88.8 MHz
- SBS 1404 kHz
- K-MIX 79.2 MHz
- FM-Hi!76.9 MHz
- Marine Pal (FM Shimizu) 76.3 MHz
- Guzen Media Japan—A podcast and vidcast based in Shizuoka, Japan[1]

Бырааттыы куораттар

уларыт

-   Дзёэцу (дьоп. 上越市), Ниигата, Япония[2]
-   Канны (фр. Cannes), Франция[3]
-   Муроран (дьоп. 室蘭市), Хоккайдо, Япония
-   Омаха (ааҥл. Omaha), Небраска, США
-   Стоктон (ааҥл. Stockton), Калифорния, АХШ
-   Шелбивилл (ааҥл. Shelbyville), Индиана, АХШ

Быһаарыылар

уларыт

Сигэлэр

уларыт
  •   Биики ыскылаатыгар бу тиэмэҕэ миэдьийэ билэлэр бааллар Сидзуока

Халыып:Ыстатыйаҕа эрэ баар категория


  NODES
Intern 1
os 1