Уулук
Уулук диэн химия элемена. Атом чыыһылата - 1, ол аата ордук судургу химия элемена буолар..[3] Уулук тутаах элемент буолар, бастакы атомнара улахан эстии кэнниттэн тута үөскээбиттэр. Аатом синтеһын кэнниттэн бары атын элеменнар уулуктан үөскээбиттэр. [4]
| |||||||||||||||||||||||||
Бүтүн билиилэрэ | |||||||||||||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Аата, бэлиэтэ, нүөмэрэ | Уулук, H, 1 | ||||||||||||||||||||||||
Элемент категорията | металл буолбатах | ||||||||||||||||||||||||
Бөлөҕө, периода, блога | 1, 1, s | ||||||||||||||||||||||||
Өҥө | Өҥө суох гаас, плазма туругар фиолетовай уоттаах | ||||||||||||||||||||||||
Атом маассата | 1.00794(7) g·mol−1 | ||||||||||||||||||||||||
Электрон конфигурацията | 1s1 | ||||||||||||||||||||||||
Электрон хахха | 1 (Image) | ||||||||||||||||||||||||
Физик характеристикалара | |||||||||||||||||||||||||
Color | өҥө суох | ||||||||||||||||||||||||
Фазата | гаас | ||||||||||||||||||||||||
Density | (0 °C, 101.325 kPa) 0.08988 g/L | ||||||||||||||||||||||||
Убаҕас чиҥэ уулларыгар | 0.07 (0.0763 эттик)[1] g·cm−3 | ||||||||||||||||||||||||
Ууллуу кэрдииhэ | 14.01 K (-259.14 °C, -434.45 °F) | ||||||||||||||||||||||||
Оргуйуу кэрдииhэ | 20.28 K (-252.87 °C, -423.17 °F) | ||||||||||||||||||||||||
Triple point | 13.8033 K (-259°C), 7.042 kPa | ||||||||||||||||||||||||
Critical point | 32.97 K, 1.293 MPa | ||||||||||||||||||||||||
Ууллуу итиитэ | (H2) 0.117 kJ·mol−1 | ||||||||||||||||||||||||
Уостуу итиитэ | (H2) 0.904 kJ·mol−1 | ||||||||||||||||||||||||
Итиини иҥэримтиэтэ | (25 °C) (H2) 28.836 J·mol−1·K−1 | ||||||||||||||||||||||||
| |||||||||||||||||||||||||
Атом характеристикалара | |||||||||||||||||||||||||
Кристал тутула | алта муннуктаах | ||||||||||||||||||||||||
Аhыйыы нүөмэрэ | 1, -1 (амфотернай оксид) | ||||||||||||||||||||||||
Электромэлдьэhиитэ | 2.20 (Pauling scale) | ||||||||||||||||||||||||
Ионизация энергията | 1st: 1312.0 kJ·mol−1 | ||||||||||||||||||||||||
Ковалент радиус | 31±5 pm | ||||||||||||||||||||||||
Van der Waals radius | 120 pm | ||||||||||||||||||||||||
Атын билиилэрэ | |||||||||||||||||||||||||
Магнетизма | диамагнетик[2] | ||||||||||||||||||||||||
Итиини ыытыы | (300 K) 0.1805 W·m−1·K−1 | ||||||||||||||||||||||||
Тыас түргэнэ | (gas, 27 °C) 1310 m/s | ||||||||||||||||||||||||
CAS регистрация нүөмэрэ | 1333-74-0 | ||||||||||||||||||||||||
Ордук бигэ изотоптара | |||||||||||||||||||||||||
| |||||||||||||||||||||||||
Плазма туругар хара саарыл өҥүнэн умайар.[5]
Уулук айылҕаҕа
уларытЫраас уулук Сиргэ гаас быһыытынан тарҕаммыт. Уу молекулатыгар икки аатома уулук буолар. Уулук Күн уонна атын сулустар оттуга буолар. Уулук космос 75% тарҕаммыт.[6] Период таабылыгар символа - H буолар.
Ыраас уулук сүнньүнэн икки холбоммут атомнартан турар. Чинчийээччилэр оннук туругу диатомнай молекулалардаах диэн ааттыыллар. Атын элеменнары кытта улахан аҥаардарын кытта химия реакцияларыгар кыттыһар. Уулук өҥө уонна сыта суох.
Сир атмосфератыгар ыраас уулук тарҕамматах. Айылҕаҕа уу иhилигэр баар. Олорор бары харамайдарга баар, органическай холбоһуктар быһыытынан баар. Уулук хоруолугу кытта холбоһон уу-хоруолук буолаллар. Оттуктар улахан өттө уу-хоруолуктан тураллар уонна киһи энергия ыларыгар киэҥник тутталлар.
Уулук икки изотоптардаах: дейтрий уонна тритий. Уулук курдук биир протоннардаахтар, уонна биир электроннардаахтар, ол дейтрий биир нейтроннаах, онтон трийтийга икки баар. Аатом энергиятыгар туттуутагар олус улахан суолталаах буолар.
Уулук туһунан атын чахчылар:
- Хос температуратыгар гаас буолар
- Кытаанах туругар металл курдук туттар-хаптар
- Космоска ордук чэпчэки элемеен буолар
- Космоска ордук тарҕаммыт гаас элемена буолар.[3]
- Төлөнү кытта таарыйдыстаҕына эстэр.
Уулук историята
уларыт"Уулук" диэн гириэк тылыттан уу диэн тылтан тахсыбыт, 'υδορ (ааҕыллыыта /HEEW-dor/).
1671 сыллаахха Роберт Бойл арыйбыт, ол гынан баран дьон Генри Кавендиш 1776 сыллахха арыйбыт диэн толкуйдууллар.
Уулук туһыныыта
уларытОттук быһыытынан
уларытАтом синтеһа энергияны ылыытыгар олус күүстээх буолар. Күҥҥэ буоларын курдук атомнар уларыйан гелий буолалларын курдук холбоһуллаллар.Ону оҥорорго улахан энергия наада, уонна чэпчэки буолбатах. Биир улахан ордуга диэн туох даҕаны кири халларбат уонна ураан курдук токсическай оттугу туттубат.
Хас сөкүүндэ аайы Күҥҥэ 600 мөл. тонна уулук гелийга кубулуйар.[7][8]
Уулугу уматыы
уларыт1. Ууттан уулугу таһаарыахха сөп, ол гынан баран туттарга элбэх чаҕылыма уоту барыахха наада. 2. Уулугу уматыы абалыгы кытта булкуйсар уонна уу чааныгар кубулуйар. 3. Оттук элемеена уулугу абалык молекулатын холбуур уонна электрону уот быһыытынан таһаарар.
Уулуктаах уот системата
уларытОл иһин чинчийээччилэр уулук уота атын технологиялар, ол курдук дизелы уонна атын оттуктан ылыныллар уоту солбуйуо диэн итэҕэйэллэр.
Быһаарыылар
уларыт- ↑ Wiberg, Egon; Wiberg, Nils; Holleman, Arnold Frederick (2001). Inorganic chemistry. Academic Press. p. 240. ISBN 0123526515. http://books.google.com/books?id=vEwj1WZKThEC&pg=PA240.
- ↑ "Magnetic susceptibility of the elements and inorganic compounds". CRC Handbook of Chemistry and Physics (81st ed.). CRC Press. http://www-d0.fnal.gov/hardware/cal/lvps_info/engineering/elementmagn.pdf.
- ↑ 3,0 3,1 EIA.doe.gov - What is Hydrogen?
- ↑ Carroll, Bradley W. & Ostlie, Dale A. 2006. An introduction to modern astrophysics. 2nd ed, Addison-Wesley, San Francisco. ISBN 0-8053-0402-9
- ↑ The magic of syngas. chemrec.se (2012 [last update]). Тургутулунна 7 Кулун тутар 2012.
- ↑ Hydrogen in the Universe. imagine.gsfc.nasa.gov (2012 [last update]). Тургутулунна 7 Кулун тутар 2012.
- ↑ What is Fusion?. iter.org. ITER Organization (2012 [last update]). Тургутулунна 7 Кулун тутар 2012.
- ↑ NASA's Cosmicopia. NASA. Тургутулунна 28 Олунньу 2013.