Дайан Фосси (16 Тохсунньу 1932(1932-01-16)Ахсынньы 26 1985 (сааhыгар 53)) — АХШ зоология учуонайа. Африка Руандатыгар гориллалары чинчийбитинэн киэҥник биллэр.

Дайан Фосси
Дайан Фосси 1984 сыл, хаартысканы Ян Артус-Бертранд оҥордо
Дайан Фосси 1984 сыл, хаартысканы Ян Артус-Бертранд оҥордо
Төрөөбүтэ 16 Тохсунньу 1932(1932-01-16)
Сан Франциско, Калифорния, АХШ
Өлбүтэ Ахсынньы 26 1985 (сааhыгар 53)
Вулкааннаах Национальнай парк, Руанда
Гражданствота АХШ АХШ
Эйгэлэрэ Этология, приматология
Үлэлээбит сирдэрэ Карисоке чинчийэр киин, Корнелл университета
Үөрэммит сирэ Сан Хосе Ил университета (Билим хандьыдаата, 1954)
Кембридж университета (Билим доктора, Зоология, 1974)
Үлэлэрэ Хайа гориллаларын чинчийии
Influences Джейн Годалл, Люис Лики, Джордж Шаллер

Фосси хайа гориллаларын хас да сыл устата үөрэппитэ. Онно олорор дьон кини үлэтин сөбүлээбэт этилэр, тоҕо диэн Фосси гориллалары кытары сыһыанын сөбүлээбэттэрэ. Кини зоопаркаларга эбэтэр эккэ өлөрөллөрүн баҕарбат этэ.

Элбэх дьон гориллалары харайбытын иһин герой буоллар диэн толкуйдууллар. Кини олоҕунан Гориллалар тумаҥҥа диэн кинигэ суруллубута уонна киинэ уһуллубута.

Өлүүтэ

уларыт

Биллибэт дьон Дайаны 1985 ахсынньы 26 күнүгэр бэйэтин быһаҕынан өлөрбүттэр. Өлөрүөхсүттэр көстүбэтэхтэрэ, гориллалары бултуур браконьердар өлөрбүттэрэ буолуо диэн сүрүн версия баар.

Фосси гориллаларга оҥорбут кылабыыһатыгар көмүллүбүтэ.

"Олох сыанатын биллэххинэ урукку туһунан толкуйдаабакка харайар туһунан толкуйдуур буолаҕын." Фосси дневнигар тиһэх суруйуута.


  NODES