Харахкөрөр орган, тулалыыр эйгэ көстүүлэрин иҥэринэр, күн сырдыгын ньиэрбэ импульса оҥорон уларытар. Харах мөкүнүгүттэн, харах ньиэрбэтиттэн кини бүрүөлэриттэн көрөр орган турар.

Харах мөкүнүгэ шар быһыылаах, инники уонна кэнники полюстаах. Инники полюһугар харах дьэнкир бүрүөтэ (роговица) баар, кэнники полюһугар харах ньиэрбэтэ мэйиигэ тахсар сирэ баар.

Радужка — сосудистай бүрүө ордук инники чааһа, дьэҥкир роговицаннан курдарыта көстөр.

Зрачок эбэтэр харах иччитэ, кини уот сырдыгын киллэрэ дьөлөҕөс буолар. Харах иччитин кэннигэр хрусталик баар, икки өттүттэн бөлтөҕөр быһыылаах, бу кини тулалыыр эйгэ көстүүлэрин таҥнары эргитэн харах мөкүнүгүнэн аһардан ньирбэҕэ тиэрдэр.

Туттуллубут литература

уларыт

атлас нормальной анатомии человека : учебн.пособие : в 2т./М.Р.Сапин, Д.Б.Никитюк, Э.В.Швецов. - 2-е изд. - М. 2006. - 488л. ильина е.м.

Өссө маны көр

уларыт


  NODES
Done 1
see 1