Хотонсүөһү кыһын баайыллан турарыгар, кыстыырыгар анаан оҥоһуллар тутуу. Былыргы сахалар балаҕаны кытта бииргэ туталлар эбит.

Тэҥнии көр: хотон (монг.) — хас да хаһаайыстыба сүөһүлэрин кыттыһан маныырга анаан холбоһуулара; кутан, гутан (азерб.) — аҕыйах ыаллаах дьон ойдом туспа олоҕо (хутор); кутон (узб.) — сүөһү дьиэтэ; кат (индоевр., фин-угор., түүр., монг.) — олорорго аналлаах тутуу, дьиэ, бөһүөлэк, куорат, кириэппэс, сүөһү дьиэтэ, сарай; атын көрүҥнэрэ: ката (былыргы иран.) — онкучах, хаарбах дьиэ; хата (укр., слав.) — олорор сир, дьиэ; котта (санскр.) — куорат; котан (айн.) — сэлиэнньэ, дьон баар, олорор сирэ.

Ылыллыбыт сирэ

уларыт

География Якутии: учеб. для 9-го Кл. сред. шк./ И.И. Жирков [и др.]. – Якутск: Бичик, 2004. -300, [1] с.: ил, карты; 20 см. ISBN 5-7696-1049-2

  NODES