Цунами - далайга (акыйааҥҥа) күүстээх сир хамсааһына, вулканнар эстиилэрэ, эбэтэр астероид түһүүтүн түмүгэр буолбут улахан долгуннартан тахсыбыт айылҕа быһылаана. Цунами наһаа улахан долгуннаах буолуон сөп. Сороҕор уһуна сүүһүнэн километр буолуон сөп. Үгэс курдук, цунами эмискэ саҕаланар. Долгуннар олус түргэнник тарҕаналлар энергията бытааннык кыччыыр. Сөтүөлөөр сир кумаҕын, маһы суох оҥоруон сөп, массыыналары уонна дьиэлэри хамсатан, оннооҕор бүтүн куорааттары суох оҥоруон сөп. Сэдэх да буоллар метеорит түспүттүттэн үөскүөн сөп. Цунами, быраабыла курдук, Тиихэй акыйааҥҥа үөскүүр Уот биһилэҕэ диэн аттанар сиргэ, ол гынан баран, ханнык баҕарар улахан уу баар сиригэр буолуон сөп.

2004 сыллаахха Таилаҥҥа буолбут цунами. Долгун кэнники былааҥҥа көстөр.
Цунами айанын сыанабыла, бириэмэ хаамыытынан 2011 сыллааҕы цунами Сендай, Япония.

Долгун охсуон иннинэ биэрэгиттэн уу бастаан чаастатык тэйэр. Кытыл туруору буолбатаҕына уу сороҕор хас да сүүс миэтирэҕэ ыраатыан сөп. Оннук кутталы билбэт дьон үгүстүк биэрэккэ хаалаллар.

Цунамины эрдэттэн тохтотор кыах суох. Ол эрээри, дьон өлөллөрүн тохтотор ньымалар бааллар. Аан дойдутааҕы уонна регионнааҕы сэрэтэр системалар, чуолаан Чуумпу Океан улахан долгуннара биэрэккэ кэлиэн иннинэ сэрэтиилэр тахсаллар. Тоҕо диэтэххэ, сир хамсааһынын киһи билиэн сөп, долгун биэрэккэ тиийиэн иннинэ, дьон куттала суох сиргэ баралларыгар сэрэтиилэр тахсаллар.

Саамай өлүүлээх цунамилар документированнай историяҕа бэлиэтэммиттэрэ 2004 сыл ахсынньы 26 күнүгэр Индейскай океаҥҥа буолбута. Ол цунами сир хамсааһынтан төрүөттэммитэ. Сир хамсааһына 9.3 баллаах кэриэтэ буолбута. Суматра, Индонезия кытылын аттыгар төрүттэммитэ. Индейскай океан кытылларыгар ол цунамиттан 215 тыһ тахса киһи өлбүтэ. Сүдү долгун олус түргэнник хамсаабыта. Индонезия, Сри-Ланка, Таиланд, Индия, оннооҕор Сомалиа дойдулар цунамиттан өлбүттэрэ эбэтэр бааһырбыттара.

  NODES
os 1