Чыычаах ото
Чыычаах ото , чыычаах кыабакыта. Горец птичий (спорыш, гречиха птичья)
Кылгас морфологията
уларытБиир сыллаах от үүнээйи. Киин кыра салаалаах силистээх. Умнаһа сымнаҕас, тэлгэнэ сытар 20-30 см уһуннаа. Сэбирдэҕэ юытархай ньолбуһахтыҥы уһун синньигэс, чулбугур 1,5- 2,0 см уһуннаах. Сибэккилэрэ от күөхтэр, бытархайдар, кытыыларынан маҥанныҥылар эбэтэр кыһыллыҥылар, 1-5 буола- буола сэбирдэхтэрин хонноҕор хомуллубуттар. Астара бытархай эриэхэчээннэр. Бэс ыйыттан атырдьах ыйын устата сибэккилиир.
Үүнэр сирэ
уларытХанна баҕарар сииктээхтиҥи сирдэргэ. Ол эрээри өҥ буорга, ынах сүөһү убаҕаһынан, хойуулугунан уоҕурдуллар сииктээх дьиэ таһынааҕы тиэргэҥҥэ, уу кутуллар бааһыналарга ордук торолуйар.
Туттуллар органа
уларытОто. Чыычаах отун сибэккилэнэ турдаҕына хомуйуллар уонна инструкция быһыытынан чараастык кумааҕыга эбэтэр ардаҥа соҕус таҥаска куурдуллар.
Химическэй састааба
уларытЧыычаах отун сэбирдэҕэр дубильнай веществолар (0,35%), аскорбиновай кислота (700-887 мг/%), флавоновай гликозид- авикулярин, К битэмиин, каротин, дубильнай веществолар уонна кремниевай кислоталар холбоһуктара бааллар. Саха сирин усулуобуйатыгар чыычаах отугар 520 мг/% С битэмиин уонна 46,76 мг/% каротин булуллубут. Чыычаах ото элбэх өруттээх фармакологическай свойствалаах.
Медицинаҕа туттуллуута
уларытБу үүнээйиттэн бэлэмнэммит галеновай көрүҥнэрэ иик кэлэрин элбэтэллэр, ииги кытта натрий уонна хлор элбээбитин таһааран, таас үөскүүрүн тохтотоллор. Дубильнай веществолара ас буһарар куртах уонна оһоҕос салыннаах бүрүөтүгэр микробу өлөрөр, сүһүрүүнү тохтотор уонна хатарар туһалаахтар. Флавоноидтар уонна кремний холбоһуктара хаан бөлүөхсүүтүн күүһүрдэллэр. Ити иһин чыычаах кыабакыта бэйэтэ ордук тустаах холбодоһуктарга киирдэҕинэ дьайыыта күүһүрэр. Ол иһин бу үүнээйи сүрүн компонент буолан, дьарҕа буолбут иик таһаарар орган ыарыытыгар (мочекислай диатезка, ордук киэҥник туустар солбуйсуулара кэһиллиитин эмтииргэ), кэккэ тирии ыарыыларыгар (ымынах, кутургуйа) туттуллар ону тэҥэ гастроэнтериккэ, араас биричиинэлээх тахсыахтатар ыарыыга, кыратык куртах, оhоҕос хаана барарын бопсорго туһалаах. Өссө чыычаах отун көөнньөһүгэ, оргутуллубут уута, маатка хаана барыытыгар, оһоҕостон уонна геморройтан хаан барыытын тохтоторго туһаныллар. Уопсай туругу тупсарарга сэниэ киллэрэр эмп быһыытынан ньиэрбэ үлэтэ мөлтөөтөҕүнэ, кырдьаҕас киһи мөлтөөһунугэр, мочекаменнай ыарыы саҥатыгар, итиэннэ тааһы ылларбыт кэннэ, быар ыарыыларыгар уо. д. а. туһалыыр. Билиҥҥи кэмҥэ чыычаах кыабакытын уонна бу от киирэр тустаах ыарыыларга аналлаах холбодоһугун көөнньөөһүгэ бүөр уонна үөс ыарыытын эмтииргэ биһирэнэр. Уһуннук хас да ый эмтэннэххэ, чыычаах ото кыра кумахтыҥы таастар тахсалларыгар көмөлөһөр. Ыарахан дьахталлар бүөрдэрэ ыалдьарыгар көҥүллэммэт, оҕо куотуон сөп.
Туһаныллыбыт литература
уларытА.П.Басыгысова "Саха сирин эмтээх үүнээйилэрэ"