Шок (ааҥл. shock — охсуу) — ньиэрбэ, хаан, тыынар тиһиктэр үлэлэрэ, эттик эргиирэ түргэнник сатарыйан, олоххо кутталлаах турукка тиэрдэр патологическай бырассыас, туох эрэ кытаанах тас дьайыыттан үөскүүр. Организм тас дьайыыга хоруйдуур мэхэниисимин улахан кэһиллиитэ, алдьаныыта.

Шок туһунан билии-көрүү

уларыт
Видео с субтитрами

Биллэр литэрэтиирэҕэ шогу аан бастаан Гиппократ ойуулаабыта. «Шок» диэн тиэрмини аан бастаан 1737 с. Ле Дран туһаммыта. XIX үйэ бүтүүтүгэр шок патогенеһын ойуулааһыҥҥа элбэх сабаҕалааһын оҥоһуллубута, онтон ордук тарҕаммыттара манныктар этэ:

  • тымырдары хааччыйар ниэрбэ баралыыһа;
  • вазомоторнай киин үлэтэ тохтуура;
  • ниэрбэ кинетическэй үлэтэ кэһиллиитэ;
  • токсемия;
  • былчархай тиһигин үлэтин кэһиллиитэ;
  • тымырга сүүрэр хаан аҕыйааһына (ОЦК);
  • тымыр эркинин курдары аһарар үлэтэ кэһиллиилээх капилляр стааһа.
  NODES