Дьомолууҥма эбэтэр Эверест - Соҕуруу Азияҕа Гималаай хайаларыгар баар Сир ордук үрдүк чыпчаала. Үрдүгэ 8848 м. Сагармата национал пааркатыгар Кытай уонна Непал икки ардыларыгар баар. Атын ааттара: Дьомолуҥма (тибиэттии) уонна Сагарматһа (непаллыы).

Эверест

1921 сылтан дьон элбэхтэ тахса сатаабыттара. 1953 с. Саҥа Зеландияттан сылдьар Э.Хиллари уонна Непаалтан сылдьар Н. Тенциҥ аан бастаан тахсыбыттара. Англия чинчийээччитэ Дьордь Маллори өссө 1924 сыллаахха тахса сылдьыбытын туһунан сабаҕалааһын баар. Бу киһи өлүгүн 1999 с. чыпчаалтан арыый аллара булбуттара, арааһа түһэн иһэн өлбүт диэбиттэрэ[1].

Быһаарыылар

уларыт
  1. Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009, Астрель
  NODES
os 2