Энцефалит (былыргы лат. тылынан encephalitis – «киһи мэйиитэ сүһүрэр ыарыыта») – бу ыарыы, мэйии сүһүрүүтүн группатыгар киирсэр. Ыарыыны тарҕатар кыра харамай организмнар киһи төбөтүн иһигэр кирэннэр энцефалит диэн ыарыыны үөскэтэллэр.

Энцефалит сүрүн көрүҥнэрэ

уларыт
  • Маҥнайгы – ыарыыны өскөтүн ураты кыра харамайдар мэйиигэ киирэннэр сайыннараллар.
  • Иккис – араас сыстыганнаах ыарыы (грипп, тиф, куор, скарлатина, тыал уоспата, босхоҥ, иирии) кэнниттэн сайдар көрүҥэ. Сороҕор энцефалит сайдааһынын биричиинэтэ, төбө тыраамбата буолар.

Энцефалит кэмигэр ааһар ыарымтыйыы процеһа ниэрбэ систиэмэтин араас салаатыгар олохсуйуон сөп: мэйии хах араҥатыгар, хах араҥа аннынааҕы түмүгэр, ньолбоҕор мэйиигэ, киһи сүнньүн мэйиитигэр, периферическэй ниэрбэлэргэ, харах уонна мэйии бүрүөтүгэр. Энцефалит уратылаах сүһүрүүтэ мэйии этигэр, эбэтэр бүрүөтүгэр сосудистай уларыйыылар, ниэрбэ клеткаларын уларыйыылара, сорох көрүҥэр – мэйиигэ хаан кутуллуон сөп.

Ыарыы баран иһиитэ

уларыт

Энцефалит баран иһиитэ сытыы. Энцефалит сорох көрүҥнэрэ дьарҕа буолан хаалыахтарын сөп.

Ыарыы биллиитэ

уларыт

Ыарыы уопсай биллиитэ

уларыт
  • Ыарыы уопсай биллиитэ
  • Температура үрдээһинэ
  • Көбүү
  • Күүстээх төбө ыарыта
  • Түлэкэдийии
  • Иҥиир тардыыта
  • Өй сүтэриитэ

Мэйииннэн биллиитэ

уларыт
  • Кэтэх былчыҥын күүрүүтэ
  • Лабаалар эбэтэр сирэй былчыҥын тардыыта
  • Күүһүлэҥнээх хамсаныылар
  • Ыйыстааһын уонна тыыныы процеһын ыһыллааһына

Маҥнайгы эпидемическэй энцефалит ыарыытыгар киирсэр

уларыт
  • Летаргическэй энцефалит
  • Сааскылыы – сайыҥҥы (тайҕатааҕы) энцефалит
  • Күһүҥҥү энцефалит

Летаргическэй энцефалит (эбэтэр Экономо энцефалита)

уларыт

1917 с. австрия учуонайа К. Экономо бастакыннан арыйбыт ыарыыта. Салгынынан тарҕанар вирус үөскэтэр, өскөтүн сытыытык, эбэтэр дьарҕа буолбут ыарыһахтартан (хол. ыарыһах саҥарарын, сөтөллөрун бырдаҥата). Инкубационнай кэмэ – 14 кунтэн 3 ыйга диэри. Мэйии үлэтин кэһиититтэн сылтаан куһаҕаннык утуйуу, утуктааһын, утуйбат буолуу, харах хамсатар ниэрбэлэрин утуйуута. Сытыы кэмэ – 3-4 нэдиэлэ Тобохтоон көстөр паркинсонизм буолан, дьарҕа ыарыга көһүөн сөп.

Сааскылыы – сайыҥҥы (тайҕатааҕы) энцефалит

уларыт

Маҥнай бу ыарыы көрүҥүн 1937-1938 с. Дальнэй Восток диэки хаампыт Л. Зильбер, Е. Н. Павскай уонна А. Смородинцев экспедицията көрсүбүтэ. Ыарыы саас көтөр үөн-көйүүр тахсыан иннинэ тарҕанарын бэлиэтии көрбуттэрэ. Салҕыы А. Г. Панов дириҥ үөрэтиини саҕалаабыта. Харамайдарга уонна үүнээйилэргэ сыстан үөскүүр ооҕуйдуҥу корүҥнээх иксодовай кыра үөнүнэн тарҕанар вируснай ыарыы. Россия сэбирдэхтээх оройуоннарыгар баар буолар. Инкубационнай кэмэ – 2-14 күн Эмискэ саҕаланар, үрдук темеператураны, эрэйдээх төбө ыарыытын уонна хотуолааһыны кытта ааһаар. Сытыы кэмэ – 6-10 кун Сорох ыарыһахтарга паралич буолан хаалар.

Күһүҥҥү (дьоппуонскай) энцефалит

уларыт

Дальнэй Восток уройуонугар көрсүһэр, кумаарынан тарҕанар вирус. Инкубационнай кэмэ – 5-14 күн. Бу ыарыыга ыарыһахтарга үрдүк былчыҥ тонуһа уонна былчыҥ түмүүтэ бэлиэтэнэр. Ыарыы сытыытык ааһар, 30 – 60% түгэҥҥэ өлүүннэн бүтэр. Үтүөрбүттэргэ баралыыс уонна өй-санаа ыһыллыта бэлиэтэнэр.

Харыстанар дьаһал (профилактика)

уларыт
  • Харамайдарга уонна үүнээйилэргэ сыстан үөскүүр ооҕуйдуҥу корүҥнээх кыра үөнү суох гыныы
  • Ытырыыттан харастаныы (сөптөөхтүк таҥныы)
  • Вакцинацияланааһын
  • Билиини дьоҥҥо-аймахха тарҕатыы

Эмтэнии Ыарыһаҕы айдаана суох миэсэҕэ киллэрии Глюкозаны тымырынан хааҥҥа киллэрии С битэмиини иһии Гормон эмин иһии Вируһу утарылатар эми иһии Антибиотик Слазмолитик Сааскылыы-сайыҥҥы энцефалиты эмтииргэ, ыалдьан баран үтүөрбут дьон сывороткаларын туттуу

Литература

уларыт
  NODES
os 1