Өс хоһооно (нууч. пословица) — тыл ойуулуур ньымата. Салаҥ киһи хараҕа мындыр.

Оннооҕор үүнэр от-мас үрдүктээх-намыһахтаах.

Санаа сүрэҕи сиир, дьэбин тимири сиир.

Соруктаах сууххамсыйара үчүгэй.

Суол киһитэ доҕордоох, айан киһитэ аргыстаах.

Сылдьыбыт сыыһы булар, көрдөөбүт көмүһү булар.

Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар.

Тумсун дулҕаҕа соттор.

Туораабыты тураах тоҥсуйар, элэйбити элиэ сиир.

Тыала суохха мас хамсаабат.

Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар, түөн саҕа үрүҥ санаа ордук.

Уулаах балык быстыбат, дьонноох киһи тутайбат.

Ураҕаһынан ууга суруйбукка дылы.

Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах киһи.

Уол оҕо дьоло-сир түөрт өртүгэр.

Уол оҕо саадаҕын үстэ курданан киһи буолар.

Уол оҕо тойуга, кыыс оҕо ырыата буолбут.

Хара харах көрбөтөх, хаптаҕай кулгаах истибэтэх.

Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.

Ылар илии билбэт, биэрэр илии билэр.

Ынах маҕыраһан билсэр, киһи кэпсэтэн билсэр.

Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүтүгэр дылы.

Эр бэрдиттэн тымныы быалаах кымньыы устата тэйэр.

Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойутаан турбут чыычаах хараҕын хастар.

Эһэни көрөн баран, суолун ирдээбиккэ дылы.

Эһэни өлөрбөккө эрэ, тириитин үллэстибиккэ дылы.


Өссө маны көр

уларыт
  NODES