1876
Сыллар |
---|
1872 1873 1874 1875 — 1876 — 1877 1878 1879 1880 |
Уоннуу сыллар |
1840-с 1850-с 1860-с — 1870-с — 1880-с 1890-с 1900-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1876 сыл.
Туох буолбута
уларыт- Олунньу 26 — Дьоппуон уонна Кэриэйэ ыккардыларыгар Канхвадо дуогабара түһэрсиллибит. Хас эмэ үйэ тухары хатанан олорбут Кэриэйэ Дьоппуон атыытыгар-эргиэнигэр күүс өттүнэн аһыллыбыт. Дьоппуон подданнайдара Кэриэйэҕэ экстерриториальность быраабын ылбыттар.
- Кулун тутар 23 — нуучча инженера Павел Яблочков электрическай лаампаны патеннаабыт.
- Ыам ыйын 2 — Осмааннар анныларыгар олорор Болгарияҕа Муус устардааҕы өрө туруу күөдьүйбүт.
- Ыам ыйын 30 — Александр II ыраахтааҕы украиналыы тылынан айымньыны бэчээттиири, испэктээк туруорары, кэнсиэртиири, лиэксийэ ааҕары, кыраныысса таһыттан украиналыы кинигэ киллэрэри уонна начаалынай оскуолаҕа украиналыы үөрэтэри боппут. Бу ыйаах Украина туспа дойду буолан барыытын бопсор соруктаах этэ.
- Бэс ыйын 17 — Монтанаҕа Иирбит Сылгы диэн ааттаах киһи баһылыктаах сиулар уонна шайеннар Джордж Крук генерал сэриитин кыайбыттар. Бу Розебад кыргыһыыта диэн ааттаммыт кыргыһыыга икки өттүттэн тыһыынчаттан тахсалыы дьон кыттыбыта.
- Атырдьах ыйын 20 күнэ - Санкт-Петербуурга Ориенталистар аан дойдутааҕы үһүс кэҥгириэстэрэ буолбут. Онно Саха сириттэн дэлэгээссийэ тиийэн олохтоох омуктар олохторун-дьаһахтарын көрдөрбүт.
Төрөөбүттэр
уларыт- Барашков Сэмэн Петрович (1876 — 1921), эргиэмсик, меценат.
- Тохсунньу 12 — Джек Лондон (1916 өлб.), суруйааччы («Белый Клык», «Зов предков», «Морской волк», «Смок Беллью» уо.д.а.).
- Сэтинньи 8 — Степан Эрьзя (1959 өлб.), худуоһунньук уонна скульптор.
- Ахсынньы 2 — Юсуф Акчурин — татаар суруйааччыта, суруналыыс, устуорук, бэлиитик, түркчүлүк (пантюркизм) идеолога.
Өлбүттэр
уларыт- Алтынньы 30 — Чекановскай Александр Лаврентьевич көскө сылдьыбыт, Илин Сибиири чинчийбит геолог.