Сыллар
1894 1895 1896 189718981899 1900 1901 1902
Уоннуу сыллар
1860-с 1870-с 1880-с1890-с1900-с 1910-с 1920-с
Үйэлэр
XVIII үйэXIX үйэXX үйэ

1898 сыл.

Туох буолбута

уларыт

Тохсунньу

уларыт
  • Тохсунньу 1 — I Атамай нэһилиэгэр Улуу Сыһыы диэн сиргэ биир кылаастаах приход оскуолата арыллыбыт.

Муус устар

уларыт
  • Муус устар 25 — Саха сирин губернатора В. Н. Скрипицын ис дьыала миниистиригэр Дьокуускайдааҕы реальнай училищены толору сэттэ сыллаах училищеҕа кубулутар туһунан хадатаайыстыба суруйбут. Бу дьаһаныы суолтата: бу иннинэ алта кылааһы бүтэрбит оҕолор сэттис кылаастарын Томскай куоракка баран бүтэриэхтээхтэрэ. Онто суох үрдүк үөрэххэ киирэр кыахтара суоҕа.

Кулун тутар

уларыт

Бэс ыйа

уларыт
  • Бэс ыйын 14Арассыыйаҕа аан бастаан күннээҕи үлэ чааһа хааччахтаммыт — 11,5 чаастан уһуо суохтаах диэн буолбут.

От ыйа

уларыт
  • От ыйын 7 — АХШ бэрэсидьиэнэ Уильям Мак-Кинли Ньюлендс резолюциятыгар илии баттаабыт, бу докумуонунан Гавай арыылара АХШ-ка холбоммуттар.
  • От ыйын 18Пьер уонна Мария Кюри Парижтааҕы Билим акадьыамыйатыгар саҥа химия элэмиэнин полонийы арыйбыттарын туһунан дакылаат оҥорбуттар (аатын Польша диэнтэн таһаарбыттара, Мария Склодовская-Кюри омугунан поляк этэ). Бу ураан кэнниттэн арыллыбыт иккис радиациялаах элэмиэн этэ.

Атырдьах ыйа

уларыт
  • Атырдьах ыйын 9 (саҥа халандаарынан атырдьах ыйын 21) — Дьокуускайга үөрүүлээх быһыыга-майгыга норуот бибилэтиэкэтэ аһыллыбыт. Бу бибилэтиэкэни Күлүмнүүр тэрийбит.
  • Атырдьах ыйын 22 — Саха Сирин күбүрүнээтэрэ тойонугар Иркутскайга дьахтар прогимназиятын гимназияҕа кубулутар туһунан көрдөһүү суруйбут. Сотору буолан баран сөбүлэҥ бэриллибит.

Ахсынньы

уларыт

Төрөөбүттэр

уларыт
  • Тохсунньу 16Күндэ, Алексей Андреевич Иванов - XX үйэ саҥатыгар саха биллиилээх суруйааччыта, литературоведа.
  • Тохсунньу 22Сергей Эйзенштейн — сэбиэскэй тыйаатыр уонна киинэ режиссера, худуоһунньук, сценарист, ускуустубаны чинчийээччи, педагог. РСФСР ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ (1935 сыл).
  • Олунньу 12 — Исидор Барахов (Иванов) — Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлээбит биллиилээх судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл.
  • Олунньу 13Барахов Исидор Никифорович (Иванов) (1898—1938) — Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, XIX үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл.
  • Муус устар 9 — Өлүөхүмэ Маачатыгар Иван Редников төрөөбүтэ (1898-1974). Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кадровай байыаннай, Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр политрук, полковник, хомуньуус баартыйа уонна сэбиэт үлэһитэ.

Өлбүттэр

уларыт

Быһаарыылар

уларыт
  NODES