1944 сыл
Сыллар |
---|
1940 1941 1942 1943 — 1944 — 1945 1946 1947 1948 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1944 сыл.
Туох буолбута
уларытТохсунньу
уларыт- Тохсунньу 1 — Александр Александров муузыкатыгар аан бастаан ССРС өрөгөйүн ырыата (гиимнэ) тыаһаабыт.
- Тохсунньу 17 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Италияҕа түөрт ыйдаах Монте-Кассино кыргыһыыта саҕаламмыт.
- Тохсунньу 22 — Аан дойду иккис сэриитэ: Союзниктар «Шингл» эпэрээһийэни саҕалаабыттар — Анцио уонна Неттуно (Италия) куораттарга саба түспүттэр.
- Тохсунньу 24 — Корсунь-Шевченковскай эпэрээһийэ саҕаламмыт. Бу олунньу 17 күнүгэр диэри буолбут кыргыһыыга Кыһыл аармыйа чаастара 140 тыһыынча киһилээх ньиэмэс чаастарын Украина Корсунь-Шевченсковскай куоратыгар төгүрүйбүттэрэ уонна урусхаллаабыттара.
- Тохсунньу 27 — Ленинград 872 хонуктаах блокаадата толору уһуллубут.
Олунньу
уларыт- Олунньу 3 — Сэбиэскэй аармыйа чаастара Наарва өрүскэ тахсыбыттар, нөҥүө кытылыгар Наарва куорат аттыгар плацдарм оҥостон Эстония сиригэр үктэммиттэр.
Кулун тутар
уларыт- Кулун тутар 3 — ССРС-ка эписиэрдэргэ аналлаах Нахимов уонна Ушаков уордьаннара олохтоммуттар.
- Кулун тутар 5 — Аан дойду иккис сэриитэ: Кыһыл Аармыйа Умань-Ботошанытааҕы кимэн киириини саҕалаабыт. Бу биир саамай ситиһиилээх кэмэн киирии этэ, маршал Конев хамаандалаах аармыйалар "Соҕуруу" бөлөхтөрө ый иһигэр Арҕаа Украинаны босхолоон, Румынияҕа уонна Молдоваҕа киирбиттэрэ.
- Кулун тутар 11 — Бүлүүттэн төрүттээх бүлүмүөччүк Николай Степанов болуотунан Украинаҕа Соҕуруу Буг өрүһү бастакынан туораан атыттар туоруулларын хааччыйбыт. Уонтан тахса өстөөх саллаатын уонна эпиһиэрин охторбут. Бу хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун аатыгар түһэриллибит. Ол эрээри, докумуоннара сүтэн, наҕараадата дьоруойу 46 сыл буолан баран 1990 сыллаахха биирдэ булбута.
- Кулун тутар 13 — Херсон ньиэмэстэртэн босхоломмут.
- Кулун тутар 13 — Дьокуускайтан сэриигэ ыҥырыллыбыт капитан Иван Симаковка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- Кулун тутар 19 — Аан дойду иккис сэриитэ: ньиэмэс аармыйата Венгрияны оккупациялаабыт.
Муус устар
уларыт- Муус устар 8 — Кырыымы ньиэмэстэртэн уонна румыннартан босхолуур кимэн киирии саҕаламмыт.
- Муус устар 10 — Одесса ньиэмэстэртэн босхоломмут.
- Муус устар 13 — 51-с аармыйа Симферополь куораты ньиэмэстэртэн босхолообут.
Ыам ыйа
уларыт- Ыам ыйын 6 — Саха сиригэр бортпроводниктар сулууспалара төрүттэммит. «Красноярскай — Уэлькаль» салгын траассатын солбуйааччы начаалынньыга К. Ефимов бирикээһинэн стюардессалар дуоһунастарын киллэрбит уонна кинилэргэ аналлаах инструкцияны бигэргэппит.
- Ыам ыйын 11 — Оборуона судаарыстыбаннай кэмитиэтэ (ГКО) кырыым татаардарын Кырыымтан депортациялырр туһунан уураах таһаарбыт.
- Ыам ыйын 12 — Сэбиэскэй сэриилэр Кырыымы ньиэмэстэртэн босхолообуттар.
- Бэс ыйын 13 — Иккис аан дойду сэриитэ: Германия V1 кынаттаах ракетаны аан бастаан туттан Англияҕа ыыталаабыт. 11 ракетаттан түөрдэ эрэ сыалын булбута.
- Ыам ыйын 18 — Кырыым татаардарын күүһүнэн көһөрүү (депортация) саҕаламмыт.
- Ыам ыйын 30 — зенитнай артиллерияҕа сэриилэһэ сылдьар эпиһиэр, саха суруйааччыта Макаар Хара «Тиийдилэр эн ырыаҥ тыллара» диэн Күннүк Уурастыырапка анаабыт хоһоонун "Кыым" хаһыакка ыыппыт.
Бэс ыйа
уларыт- Бэс ыйын 6 — Нормандия кытылыгар (хотугу Франция) АХШ уонна Улуу Британия сэриилэрэ улахан десант түһэрбиттэр. Союзниктар 160 тыһыынча кэриҥэ саллааттара 5 000 катерынан Ла-Манш силбэһиитин туораабыттар. Кинилэри 289 хараабыл уонна 277 тральщик арыаллаабыта. Инньэ гынан Германияны утары арҕаа иккис фронт аһыллыбыт, Францияны босхолооһун саҕаламмыт.
- Бэс ыйын 6 — Кимэ-туга оччо биллибэт саллаат Иннокентьев Иван Васильевич Саха суруйаачыларын сойууһугар 1944 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр суруллубут суругар саха бэйиэтэ Чаҕылҕан «Воину-якуту» диэн хоһооно «Сын Родины» диэн фронт хаһыатыгар бэс ыйын 6 күнүгэр бэчээттэммитин кэпсээбит.
- Бэс ыйын 14 — Аан дойду иккис сэриитэ: Ньиэмэс Кан куоратын хаста да ыла сатаан баран Англия аармыйата Алыһар эпэрээһийэтиттэн аккаастаммыт.
Алтынньы
уларыт- Алтынньы 2 — Аан дойду иккис сэриитэ: Ньиэмэстэр Варшаватааҕы өрө турууну хам баттаабыттар.
- Алтынньы 5 — Францияҕа дьахталлар быыбарга кыттар кыахтаммыттар. Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүгэр дьахталларга маннык быраап Европа дойдуларыттан Швейцарияҕа уонна Лихтенштейҥҥэ эрэ бэриллибэккэ хаалбыта.
- Алтынньы 13 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй аармыйа Риганы ылбыт.
- Алтынньы 15 — Иккис аан дойду сэриитэ: Сэбиэскэй Сойууһу кытта эйэлэспитин иһин Германия былаастара Венгрия бырабыыталыстыбатын уларыппыттар.
- Алтынньы 16 — Илья Винокуров көҕүлээһининэн баартыйа Саха сиринээҕи бюрота урукку уурааҕын көтүрэн саха литературатын төрүттээччилэрин Өксөкүлээх Өлөксөйү, Алампаны уонна Николай Неустроевы ааттарын сөргүппүт.
- Алтынньы 17 — Аан дойду иккис сэриитэ: Лейте хомо иһин кыргыһыы саҕаламмыт, Филиппиннары дьоппуоннартан босхолооһун бастакы түһүмэҕэ, сыл бүтүөр диэри буолбута.
- Алтынньы 19 — АХШ сэриилэрэ Филипиин арыыларыгар түспүттэр.
- Алтынньы 20 — Иккис аан дойду сэриитэ: Сэбиэскэй аармыйа уонна Югославия бартыһааннара Белград куораты босхолообуттар.
- Алтынньы 23 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Филиппины кытылын таһыгар АХШ уонна Дьоппуон флоттарын ыккардыларынааҕы аан дойду устуоруйатыгар саамай улахан байҕал кыргыһыыта — Лейте хомотун кыргыһыыта саҕаламмыт. Авианосецтарын үгүстэрин бу иннинэ сүтэрбит дьоппуоннар быдан баһыйар АХШ флотун үүрэ сатаабыттара кыаллыбытах, кыргыһыыга АХШ быһаарыылаахтык кыайбыт. Лейте хомотугар дьоппуоннар бастакытын камикадзе тактикатын ситиһиилээхтик туһаммыттар, биир авианосеһы камикадзе тимирдибит.
- Алтынньы 27 — Ужгород куорат Германия уонна Венгрия оккупааннарыттан босхоломмут .
Сэтинньи
уларыт- Сэтинньи 1 — Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ куукулатын театра үлэтин саҕалаабыт.
- Сэтинньи 7 — Рихард Зорге диэн сэбиэскэй разведчигы (нуучча-ньиэмэс булкаастаах киһи) дьоппуоннар өлөрбүттэр.
- Сэтинньи 11 — Грецияҕа саҥа драхма киирбит.
- Сэтинньи 12 — Аан дойду иккис сэриитэ: Британия салгын сэбилэниилээх күүстэрэ 29 "Авро Ланкастер" (Avro Lancaster) бомбардировщигы ыытан, "Тирпиц" (Tirpitz) диэн ньиэмэс сүүнэ линкорун Тромсё (Норвегия) аттыгар тимирдибиттэр.
- Сэтинньи 13 — Бельгия бырабыыталыстыбата Утарсыы тэрилтэлэрин сааларын-саадахтарын былдьыыр туһунан быһаарыныы ылыммыт.
- Сэтинньи 14 — Германия диэкки буолбут генерал Андрей Власов Прагаҕа "Арассыыйа норуоттарын босхолуур кэмитиэт" манифеһын ааҕан иһитиннэрбит, бу кэмитиэт бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
Ахсынньы
уларыт- Ахсынньы 16 — Арденн кимэн киириитэ саҕаламмыт.
- Ахсынньы 22 — Вьетнам норуодунай аармыйата тэриллибит.
Төрөөбүттэр
уларыт- Тарбахов Иннокентий Иннокентьевич — биллиилээх асчыт, «Тыгын Дархан» ресторан шеф-повара.
- Тохсунньу 21 — Василий Скрябин — Саха АССР бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, талааннаах салайааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ.
- Олунньу 9 — Захарова Агафья Еремеевна — филология билимин хандьыдаата.
- Олунньу 11 — Василий Бочкарёв — саха скульптора, суруналыыс, Саха сирин суруйааччыларын сойууьун чиоилиэнэ, СӨ норуодунай худуоһунньуга.
- Олунньу 26 — Гаврил Филиппов — филология билимин дуоктара, профессор, РФ педагогическай уонна социальнай билимнэрин академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, CӨ билимин үтүөлээх үлэһитэ.
- Олунньу 23 — Попов Семен Андреевич (Тумат) — бэйиэт, суруйааччы, литератураны ырытааччы.
- Ыам ыйын 27 — Усуйаана Куоҕастааҕар Пальмира Петрова — өр сылларга СГУ Мэдиссиинэ факультетын, ХИФУ Мэдиссиинэ институтун салайбыт киһи, мэдиссиинэ билимин дуоктара.
- Бэс ыйын 2 — Ньурба Чучукаан нэһилиэгэр Николай Иннокентьев — саха живописеһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх дьайыксыта.
- Бэс ыйын 28 — П. Г. Петрова, CӨ науукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, медицина науукатын дуоктара, профессор
- От ыйын 3 — Соколов Эдуард Дмитриевич (Тулусхан) (03.07.1944—05.08.1996) — суруйааччы
- Атырдьах ыйын 29 — Оконешников Семен Петрович, Арассыыйа үтүөлээх, Саха сирин норуот артыыһа
- Сэтинньи 12 — Нестерова Люция Дмитриевна — бэйиэт, литературовед
- Сэтинньи 25 — Владимир Яковлев — 1996-2003 сылларга Санкт-Петербург губернатора, 2004-2007 сылларга Арассыыйа Экэниэмикэ сайдыытын миниистирэ. Ийэтэ, фиинн дьахтара, Өлүөхүмэҕэ көскө кэлэн олордоҕуна төрөөбүт.
- Ахсынньы 6 — Валентина Николаевна Гаврильева – прозаик суруйааччы
- Ахсынньы 23 — Пестряков Петр Петрович, Саха үтүөлээх артыыһа
Өлбүттэр
уларыт- Андреев Ананий Кононович, 1929 - 1931 сыллардаахха Саха АССР Совнаркомын бэрэсэдээтэлэ.
- Достовалов Семён Васильевич (1919—1944) — кыһыл армеец, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945)
- Жадейкин Максим Степанович (1914—1944) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1944).
- Тохсунньу 30 — Тепляков Мартын Пантелеймонович (10.01.1918—30.01.1944) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
- Ыам ыйын 18 — Ленинград уобалаһыгар Чурапчы Хайахсытыттан төрүттээх буойун Николай Илларионов кыргыһыыга охтубут. Кини биир ыалтан сэриигэ кыттыбыт 7 уолтан биирдэстэрэ этэ. Кэргэнэ огдообо хаалбыт.
- Атырдьах ыйын 23 — Шавкунов Георгий Иванович Сэбиэскэй Союз Геройа.
- Балаҕан ыйын 2 — Шараборин-Кумаров Михаил Терентьевич (1866 - 1944), олоҥхоһут.
- Ахсынньы 23 — Космачёв Михаил Михайлович (1920—23.12.1944) — гвардия старшай сержана, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Геройа (1945).