Симпсоннар (ааҥл. The Simpsons) диэн Америка анимация ситкома. Оҥорооччу Мэтт Грөниҥ уонна Fox Broadcasting Company. Сериал Симпсоннар диэн Америка орто кылааhын дьиэ кэргэнин туhунан. Ыал аҕата Хомер, ийэлэрэ Мардь уонна оҕолоро Барт, Лиза уонна Мэгги. Сериал айааччылара Симпсоннар нөҥүө Америка орто ыалын сатиралаан көрдөрөллөр. Шоу айыллыбыт Сприҥфилд диэн куоракка буолар уонна Америка араас култуура, дьон-сэргэ уонна телевидение көстүүлэрин пародиялыыр.

The Simpsons

Симпсоннар дьиэ кэргэннэрэ
Жанра Анимация
Комедия
Оҥорооччу Мэтт Грөниҥ
Айааччылар Дьэймс Эл. Брукс
Мэтт Грөниҥ
Сэм Саймон
Куоластар Дэн Кастелланета
Дьули Кавнер
Нэнси Картрайт
Ердли Смит
Хэнк Азариа
Харри Ширер
Тема музыкатын композитора Дэнни Элфмэн
Опениҥ темата "The Simpsons Theme"
Композитор Элф Клаузен
Дойдута АХШ
Тыл(лар)а Ааҥл тыла
Сезоннарын ахсаана 20
Эпизодтарын ахсаана 432
Оҥоруу
Толорор
оҥорооччу(лар)
Эл Дьин
Дьэймс Эл. Брукс
Мэтт Грөниҥ
Сэм Саймон
Cериятын уhуна 22–24 мүнүүтэ
Компания Gracie Films
20th Century Fox Television
Көрдөрүү
Ханаал FOX
Көстүү формата SDTV 480i (1989–2009)
HDTV 720p (2009–билигин)
Аудио формата Dolby Surround (NTSC), Dolby Digital 2.0 (ATSC) (1989–2009)
Dolby Digital 5.1 (2009–билигин)
Көрдөрүүтэ Ахсынньы 17, 1989 – билигин
Хронология
Уруулуу шоулар The Tracey Ullman Show
Тас сигэлэр
Официал ситим сир

Симпсоннары Грөниҥ Дьэймс Эл. Брукстуун минисериал быhыытынан оҥорбуттара. Айыллыбыт дьиэ кэргэн характердарын Грөниҥ бэйэтин урууларын ааттарынан ааттаталаабыта. Минисериал The Tracey Ullman Show ирээтин быhыытынан муус устар 19 1987 көрдөрүллүбүтэ. Үс сезон кэнниттэн скетч туспа чаас аҥардаах прайм тайм шоу буолбута.

Аан бастаан ахсынньы 17 1989 көстүөҕүттэн ыла шоу 432 эпизодтаах уонна сүүрбэhис сезона балаҕан ыйын 28 2008 саҕаламмыта. The Simpsons Movie диэн толору киинэ аан дойду киинэ театрдарыгар от ыйын 26 уонна от ыйын 27 2007 тахсыбыта уонна аан дойду үрдүнэн $526.2 млн өлөрбүтэ.

The Simpsons элбэх бириэмийэлэри сүүйбүтэ, ол ахсааннарыгар 24 Emmy Awards, 26 Annie Awards уонна Peabody Award. Time сурунаал ахсынньы 31 1999 с. XX үйэ ордук бэрт телесериалын аатын иҥэрбитэ. Тохсунньу 14 2000 Симпсоннар дьиэ кэргэннэрэ Hollywood Walk of Fame аллеяҕа сулустаммыттара. The Simpsons Америка ордук уhун ситкома буолар. Хомер "D'oh!" диэн үөхсүүтэ ааҥл тылын лексиконугар иҥмитэ.

  NODES
os 2